Туризмынан дьарыктанар Виктория Захарова: баҕа санаа ылла эрэ туолбат, элбэхтик үлэлиэххэ наада

Суолга куттал суох буолуутун хааччыйар инспекция үлэһиттэрэ былырыын быһа холоон ааҕыыларынан сайын Амма улууһугар биир өрөбүлгэ 600 кэриҥэ массыына кэлэр эбит. Саха сирин кэрэ миэстэтигэр сынньанааччылар, сир астааччылар сыллата элбииллэр. Ол сиэринэн сынньанар базалар ахсааннара эмиэ хаҥыыр. Бу эйгэҕэ – туризмҥа ылсарга саҥа саҕалааччы урбаанньыттар туох ыарахаттары көрсөллөрүй, ол харгыстары хайдах туораталларый, кинилэргэ туох көмө көрүллэрий? Ити туһунан уонна сайдыы суолларын “Амма кытыла” базалаах эдэр урбаанньыт дьиэ кэргэн Захаровтары кытта кэпсэттибит.

Былырыын саҥа дьыл эрэ иннинэ социальнай ситимнэргэ “Амма кытыла” базаҕа дьиэ кэргэнинэн, хампаанньанан сынньанарга, бырааһынньыктары атаарарга ыҥырар реклама баар буолбута. Аныгылыы оҥоһуулаах, билигиҥҥи муоданан Барнхаус быһыылаах, олус тупсаҕай дьиэҕэ киһи хараҕа тута быраҕыллар. Онтон аҕыйах хонугунан билэр дьонум ватсап статустарыгар ол дьиэҕэ сынньаммыттарын, хайдах курдук үчүгэйин хайҕаан таһааран барбыттара. Онон, нам-нум буолбутун кэннэ, биир сааскы күн Чапчылҕан эдэр ыалыгар икки оҕолоох Захаровтарга ыалдьыттыырга сананным. Амма өрүс кэрэтин өҥөйө турар сынньанар дьиэ, чахчы, айылҕа маанылаан айбыт сиригэр тутуллубут. Харах дала ыларын тухары киэҥ, нэлэмэн хочо. Сайынын от-мас чэлгийэ тылыннаҕына өссө тупсуон, киэркэйиэн сэрэйиллэр эрэ.

Турбаза үлэтин сүрүннээн дьиэ кэргэн ийэтэ Виктория Семеновна салайар. Ыал аҕата Афанасий Александрович эр киһи быһыытынан булааччы-талааччы, күүстээх илии ирдэнэр өттүн кыайа тутар. Онон иккиэн бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн урбаан эйгэтигэр маҥнайгы хардыыларын оҥороллор. Бу да сырыыга аҕалара ыарахан уйуктаах массыынатынан үлэлии сылдьар буолан, кэпсэтиим хаһаайканы кытта буолла.

-Виктория Семеновна, эн бу иннинэ куруук судаарыстыбаннай тэрилтэлэргэ үлэлии сылдьыбытын дии, “бюджетник” этин. Ол кэннэ бэйэ баһын бэйэ билэр, урбаан хайысхатыгар киирии, бука, уустук быһаарыныы буолуо дии саныыбын. Сыта-тура, өр толкуйтан таҕыстаҕа?

-Туризм эйгэтигэр үлэлэһэр баҕа санаа миигин үүйэ-хаайа туппута ыраатта ээ дьиҥинэн. Бэйэм Аммаҕа кийиит буолан кэлбитим уонтан тахса сыл буолла. Кэрэ Амма буоругар үктэнээт бу дойдуну сөбүлээбитим. Сынньанарга, олохтон дуоһуйууну ыларга анаммыт сир диэммин этэртэн олох салгыбаппын. Атын улуустартан ыалдьыттыы кэлбит дьон даҕаны эмиэ бары оннук санаалаах буолааччылар.

Онтон турбаза туттар санаа аан бастаан миэхэ коронавирус дьаҥа ааҥнаан турдаҕына киирбитэ. Дьиэҕэ хаайтарыы тугу эмэ дьарыктаммыт киһии диэн санааны үөскэтэр дии. Холобура, наһаа элбэх дьахтар оҕолонон олорон сөбүлүүр дьарыктарын таба тайанан, сайыннаран, онтон дохуот аахсар гына ыпсараннар сүрүн үлэлэриттэн уурайбыт түгэннэрин билэбит. Ол курдук мин эмиэ дьиэбэр сытан Амма улууһугар кыһын, саас сынньанар сир олох ахсааннаах эбит диэн санааҕа хайыта тыыттардым. Баар турбазалары дьон хайдах оҥостоллор эбитий, мин сынньанааччы киһи эбитим буоллар, туга итэҕэс диэм этэй диэн кичэйэн үөрэттим. Ол оннук хаалла эрээри син-биир испэр баар баҕа санаам батарбат буоллаҕа. Аны киһи тугу эмит баҕарар буоллаҕына суол аһыллан биэрэр эбит. Ол курдук, 2021 сыллаахха “Мин биисинэһим” кииҥҥэ бизнес-былаан суруйарга көмө баарын иһиттим. Онон аны илиибэр бэлэм бырайыактанан хааллым. Аны бырайыагы олоххо киллэриэххэ наада дии. Маныаха, чахчы, эр санаа ылыныахха наада. Киһи ылла эрэ көҥүл үлэҕэ барара уустук эбит.

-Оттон уонна кытаанах санаа эрэ буолбакка, билигин туох барыта сыаната ыарыы турар кэмигэр кырата суох үп-харчы ирдэнэр буоллаҕа.

-Оннук. Бастатан туран табыгастаах сир-уот наада. “Уһук илиҥҥэ гектар” бырагырааманан Амма биир саамай кэрэ көстүүлээх, ол эрээри суола-ииһэ, турар миэстэтэ табыгастаах, Промкомбинаттан чугас “Нуучча биэрэгэ” диэн аатынан биллибит хочоҕо сир ылбыппыт хас да сыл буолла. Мунньунуу харчыбытын кытта кирэдьиит киирэн, биригээдэ наймылаһан былырыын балаҕан ыйыгар баҕа санаа буолбут сынньалаҥ дьиэтин туттан саҕалаабыппыт.

Билиҥҥи интернет үйэтигэр киһи араас идеялары ылар кыаҕа улахан. Онон олох баҕарбыппыт, харахпытыгар оҥорон көрбүппүт курдук барнхаус дьиэни туттан Саҥа дьылы көрсө, ахсынньы ыйга бастакы ыалдьыттарбытыгар ааммытын арыйбыппыт.

“Амма кытыла” атын сынньанар дьиэлэртэн туох уратылааҕый?

-Биһиэхэ кэлбит дьон ис дууһаларыттан сынньанан баралларыгар кыһалынныбыт. Толору хааччылыылаах, сырдык, ыраас дьиэҕэ туттар мал-сал барыта баар. Икки массыына киирэр гаражтаахпыт. Кыһыҥҥы балыктааһыны сөбүлүүр дьоҥҥо эмиэ палатка, оһох, туттар сэп-сэбиргэл эмиэ толору. Оҕолор сибиэһэй салгыҥҥа астына күүлэйдииллэригэр каток, хаҥкы, сыыр, сырылыырга ледянка, ватрушка атыыласпыппыт. Онон бэйэлэрин кытта аһыыр астарын эрэ илдьэ кэлэллэр. Утуйар таҥаска, тапочкаҕа тиийэ барытын хааччыйабыт.

-Бу көрдөхпүнэ, чэй иһэр чааскыларгыт кытары “Амма кытыла” диэн логотиптаахтар эбит дии.

-Ити эмиэ судаарыстыба көмөтүнэн оҥоһуллубута. Уопсайынан саҥа саҕалааччы урбаанньыттарга көмө көрүҥэ элбэх эбит. Регистрацияланыыттан саҕалаан электроннай подпись, логотиптаах фартук, футболка оҥоруута – барыта баар. “Мин биисинэһим” сайтыгар киирэн ааҕыҥ, билсиҥ диэн саҥа саҕалыыр урбаанньыттарга сүбэлиэм этэ.

-Виктория Семеновна, үлэлээбиккит сыл аҥара буолан эрэр дии. Салгыы сайдарга сүрүн харгыс туох баарый?

-Саамай улахан кыһалҕабытынан билигин уоппут суоҕа буолар. 90 квадратнай миэтэрэ иэннээх дьиэбитин уонна гаражпытын кыһын генераторынан сылытан үлэлээтибит. Онон киллэрэр үппүт сүрүннээн бензин атыылаһарга барда. Быйыл уот тардыллан хаалара буоллар абыраныа эбиппит. Инникитин өссө кэҥээн, эбии дьиэ тутар санаалаахпыт. Уота суох ону хайдах да кыайбаппыт. Уопсайынан, Амма улууһугар туризм дьэ күүскэ сайдан эрэр. Дойду бэрэсэдьиэнэ Владимир Путин оннооҕор олохтоох туризмы сайыннарыыга улахан болҕомтотун уурар дии, бу хайысханы сайыннарарга анал дьаһаллары ылар. Ол сыалын-соругун ситиһэргэ бастатан туран инфраструктура сайдара наада.

Итиэннэ бастаан утаа өҥөбүтүн ханна, хайдах рекламалыыры, дьоҥҥо биллэрэри сатаабат эбиппит. Ол иһин анал куурус баара буоллар дии санаабытым. Билигин оннубутун булунан, дьон үксүн бэйэ-бэйэлэриттэн истиһэн кэлэллэр.

-Виктория Семеновна, кэпсэтиибит түмүгэр биисинэс эйгэтигэр ылсан үлэлиэн баҕалаах дьоҥҥо тугу сүбэлиэн этэй?

-Сытар таас аннынан уу сүүрбэт диэн этээччилэр дии. Баҕа санааны олоххо киллэрэргэ үлэлиэххэ наада. Туох барыта үлэттэн кэлэр. “Мысли в космос” диэн этии билигин олус тэнийдэ – ыра санааҕын сурун, куруук санаа, оччоҕо туолар дииллэр. Оннук буолбатах, киһи олоххо сыаллаах-соруктаах буолуохтаах, ону ситиһэргэ үлэлиэхтээх. Оччотугар эрэ түмүк кэлиэ. Халлаантан түһэн кэлбит ситиһии диэн суох.

Кэпсэттэ Елена Александрова.

Читайте дальше