Саха республикатын тыа хаһаайыстыбатын туйгуна, үлэ ветерана, Сулҕаччы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Мирон Никитич Неустроев бу күннэргэ 75 сааһын туолла.
Мирон Никитич Сулҕаччы нэһилиэгин биир киэн туттар ыалларын Неустроевтар ытыктанар убайдара, аҕата, эһэтэ.
Кини 1948 с от ыйын 12 күнүгэр Орто Сурт ферматыгар төрөөбүтэ. Төрөппүттэрэ Михайлов-Харачаас, кэлин Ленин аатынан колхоз биир бастыҥ үлэһиттэрэ этилэр. Мирон Никитич биһиги нэһилиэкпит киэн туттар дьонноруттан биирдэстэрэ. Оскуоланы бүтэриэҕиттэн механизаторынан, бастаан суоппарынан, онтон тракториһынан үлэлээбитэ. Чемпион-тракторист, Харачаас аатынан премия лауреата. 1964 сылга Соморсун оскуолатын 8-с кылааһын бүтэрэн, төрөөбүт дойдутугар колхозка үлэтин саҕалаабыта, биир күн тохтообокко үлэлээбитэ, үлэтин стаһа 45 сыл кэриҥэ.
1965 сыллаахха Намнааҕы СПТУ-га механизатор-суоппар идэтигэр үөрэммитэ, табаарыһын Николай Неустроевы — Ньуухааны кытта. Биир сыл үөрэнэн, төрөөбүт түөлбэлэригэр биирэ суоппар,биирэ тракторист идэлээх төннүбүттэрэ. Ити 1966 сыл этэ. Оччолого Сулҕаччы учаастагар ЗИС-5 массыынаҕа үлэҕэ анаабыттара. Онтон күһүнүгэр колхоз киинигэр Соморсуҥҥа үлэҕэ ыҥырбыттара, ГАЗ-53 массыына эрэнэн туттарбыттара.
1968-1970 сылларга Сэбиэскэй аармыйа кэккэтигэр сулууспалаабыта. Аармыйаттан кэлэн баран дойдутугар Сулҕачыыга көһөн кэлбитэ. Уонна ДТ тракторга көспүтэ. Дьиэҕэ-уокка туһалаах, көмөлөөх буолуом диэн. Тракторга үөрэппит табаарыһа Григорий Окороков уонна оччолорго бригадирынан үлэлиир Андрей Никитин. Аҕыйах сылынан бэйэтэ опыттаах тракторист, звеневод буолбута. Элбэх эдэр ыччаты, эдэр механизатор уолаттары бэйэтин үтүө холобурунан үлэҕэ уһуйбута. Ити курдук Мирон Никитич Сулҕаччы, Соморсун нэһилиэктэрин, Амма улууһун тыа хаһаайыстыбата сайдарыгар элбэх сыратын биэрбит, үгүс кылааты киллэрбит үлэни өрө туппут нэһилиэк ытык кырдьаҕаһынан буолар.
Кини бэйэтэ да этэринэн : «Үлэ диэн дьол, үлэһит киһи куруук хайҕалга сылдьар. Дьон-норуот убаастабылынан туһанар уонна сөптөөх идэни талыы эмиэ киһи дьоло. Мин механизатор идэтин талбыппынан киэн туттабын». Мирон Никитич 1968 с бииргэ үөрэммит кыыһын Александра Егоровнаны кэргэн ылбыта. Нэһилиэк биир бастыҥ, элбэх оҕолоох ыала этилэр. Билигин кини оҕолорун сиэннэрин тапталларынан бигэнэн олорор, онон дьоллонор.
Биир дойдулаахтара бары Мирон Никитиһы 75 сааһын томточчу туолбутунан, «Амма улууһун тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар киллэрбит кылаатын иһин» -анал бэлиэнэн наҕараадаламмытынан эҕэрдэлиибит, барҕа доруобуйаны баҕарабыт.