Тутааччылар – олоҕу тутааччылар

Бүгүн, атырдьах ыйын иккис өрөбүлүгэр, Арассыыйа үрдүнэн Тутааччы күнэ бэлиэтэнэр. Тутааччы – бу бэйэтин үлэтин түмүгүн көрөр биир махталлаах идэ буолар.  Амма улууһугар тутуу тэтимнээхтик барар. Олоҕу хамсатааччылар, тутааччылар күннэринэн Амма улууһун баһылыгын тутууга уонна инфраструктураҕа солбуйааччыта  Виктор Смирников эҕэрдэтин тириэрдэр.

Убаастаабыллаах бары кэллиэгэлэрбин, бэтэрээн тутааччыларбытын, билигин үлэлии сылдьар тутуу комплексын үлэһиттэрин Арассыыйа тутааччыларын күнүнэн истиҥ эҕэрдэбин тириэрдэбин. Бүгүҥҥү күҥҥэ улууспутугар тутуу тэтимнээхтик ыытыллар. Бу тэтиммитин ыһыктыбакка, өссө түргэтэтэн, аныгы көстүүлээх эбийиэктэри олоххо киллэрэн иһиэхтээхпит. Олох балысханнык сайдар. Онтон сайдыы тэтимэ биллэрин курдук тутуу төһө барарыттан көстөр. Онон олорон хаалбакка, билигин илдьэ сылдьар тэтиммитинэн, ылыныллыбыт былааннарбытын олоххо киллэриигэ күүскэ үлэлиир сорук турар. Биллэн турар ыарахаттар бааллар. Баар да буолуохтаахтар. Онтон иҥнибэккэ, өссө сатабылбытын, муударайбытын киллэрэн туран, дойдубут, улууспут сайдарыгар сырдык, ыраас, сылаас эбийиэктэри үлэҕэ киллэрэн иһиэҕиҥ диэн ыҥырабын”, — диэн Виктор Владимирович баҕа санаатын, истиҥ эҕэрдэтин тириэртэ.

Чахчы да Аммабытыгар баар ыарахаттары аахсыбакка сыллата саҥа эбийиэктэр тутуллан үлэҕэ киирэллэр, дьону-сэргэни үөрдэллэр. Быйыл күһүн Абаҕаҕа оскуола –саад аанын тэлэччи аһыаҕа, “Стадион” хочуолунай буруотун унаарытан дьоҥҥо сылааһы биэриэҕэ. Кэлэр сылларга үс этээстээх таас поликлиника, үс элбэх кыбартыыралаах олорор таас, толору хааччыллыылаах дьиэлэр, 360 миэстэлээх гимназия, 100 миэстэлээх интэринээт,  ыраас уунан хааччыйар станциялар, онтон да атын тутуулар бары эйгэнэн тутуллан сайдыыны түстүөхтэрэ, кэскили кэрэһэлиэхтэрэ. Онтон ону биһиги тутааччыларбыт олоххо киллэриэхтэрэ. Кинилэри өссө төгүл идэлээх күннэринэн эҕэрдэлиибит,  доруобуйаны, дьиэ кэргэттэригэр эйэлээх олоҕу баҕарабыт.

Ааптар: “Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше