Тыа хаһаайыстыбатын саҥа миниистирэ Артем Александров солотугар олороот да бу салааны өйүүр саҥа ньымалары оҥорорго олохтоохтук ылыста. Миниистир ыраахха чарапчыланан көрөн эрэр. Ол курдук, тыа хаһаайыстыбата сайдарыгар тымтык уота буолар саҥа стратегия 2025-2032 сыллары хабыахтаах.
Миниистир анал уураах таһааран, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарар саҥа механизм туолуутугар үлэлэһэр хамыыһыйаны тэрийэн турар. Манна министиэристибэ, департаменнар салайааччылара, үп уонна экэниэмиэкэ министиэристибэтин үлэһиттэрэ өй угар сүбэһит буолуохтара. Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатыгар тыын суолталаах стратегияны олоххо киллэрэр хамыыһыйаҕа Ион Кононовы эркин курдук эрэнэн ыллылар. Биһиги киһибитин сэргэ Дьокуускай куорат, Үөһээ Дьааҥы уонна Мэҥэ Хаҥалас ТХ управлениеларын салайааччыларын киллэрдилэр. Кэлэр сыл улуустар стратегиялара хайдах буолуохтааҕын сыта-тура толкуйдаан, алаадьы курдук эргитэ сылдьан ырытан ылынан атырдьах ыйыгар диэри ыыта охсуохтаахтар. Ону министиэристибэ көрө-истэ дьүүллээн баран сөп эбэтэр сөтөгөй диэн быһаарыахтаах.
Стратегия сэттэ сыллаах үлэни-хамнаһы чопчулаан ытыска ууран биэриэхтээх. Бу туһунан Ион Кононовтан сиһилии сурастыбыт: “Агропромышленнай комплексы сайыннарар саҥа стратегияны хас биирдии улуус оҥорон атырдьах ыйыгар министиэристибэҕэ көрдөрөн көмүскүөхтээх. Туох баар үлэ-хамнас барыта ол стратегия нөҥүө үбүлэнэн барар буолуоҕа. Хабаана сүрдээх киэҥ. Манна хас биирдии хаһаайыстыба хайдах сайдыахтааҕын, сүөһү, сылгы өттүгэр үлэ былааннара, төһө от оттонуохтааҕа, бурдук ыһыллыахтааҕа, күрүө уонна сир оҥоһуллуохтааҕа о.д.а. тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаах үлэ барыта бу стратегияҕа чуолкайдык суруллуохтаах. Бэйэбит стратегиябытын оҥорорго улуус баһылыга Степан Николаевич анал дьаһалынан хамыыһыйа олохтонно. Манна бары нэһилиэк баһылыктара, тэрилтэ салайааччылара кыттыһан стратегиябытын оҥоруохтаахпыт. Онон, үлэбит үгүс”.
Олег ЕГОРОВ.