Түөлбэлэр дуобакка күрэхтэстилэр

Амма Наахара нэһилиэгэр түөлбэнэн араас таһымнаах күрэхтэр сыллата ыытыллаллар. Түөлбэлэр күрэххэ олус көхтөөхтүк кытталлар. Нэһилиэкпитигэр спорду өрө тутар, чөл санаалаах, чэбдик олохтоох дьон үгүс.


Амма Наахара нэһилиэгэр дуобат алыптаах хонуутугар түөлбэлэр икки ардыларыгар күрэх ыытылынна. Дуобат өйү сааһылыыр, киһини толкуйдатар спорт биир бастыҥ көрүҥэ буолар. Күрэҕи нэһилиэк спорт инструктара Мария Заборовская иилээн-салайан ыытта. Түөлбэлэртэн икки эр киһи уонна биир сааһыттан тутулуга суох кэрэ аҥар күөн көрүстүлэр. Түөрт түөлбэттэн 3 түөлбэ кытыыны ылла. Ол курдук  «Кэскил» түөлбэттэн Валерий Гаврильев, Виктор Гаврильев, Ольга Устинова, «Сайдам» түөлбэттэн Данил Макаров, Василий Максимов, Мария Макарова, «Аргыстан» Иван Пахомов, Петр Алексеев, Людмила Алексеева түөлбэлэрин көмүскээтилэр. Тыҥааһыннаах киирсии кэнниттэн «Кэскил» түөлбэ бастакы, «Сайдам» түөлбэ иккис, «Аргыс» түөлбэ үһүс буоллулар.

Инникитин хабылык, хаамыска, сыал ытыыта буолара күүтүллэр. Иллэҥ кэми сөпкө дьаһаныы, барыга көхтөөх кыттыыны ылыы киһини уһун үйэлиир, ис кыаххын көрөргө бэйэҕэ сөптөөх сыанабылы биэрэр.  Спорт сомоҕолуур, түмэр, олох үрдүкү чыпчаалыгар тиэрдэр сүдү күүстээх!

Ирина КОРЯКИНА-ОЛЕСОВА

 

Читайте дальше