Түөлбэлэр көмөттөн туора турбаттар

Амма нэһилиэгин түөлбэлэрин олохтоохторо күннэтэ Ф. Потапов аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр көмүскэнэр сиэккэ оҥоруутугар кэлэллэр. Кинилэр “Амарах сүрэх” уопсастыбаннай хамсааһын тэрийэр үлэтигэр  күүс-көмө буолаллар.

Биһиги бу үлэбитин от ыйын 20 күнүттэн саҕалаабыппыт. Көмүскүүр сиэккэлэр анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттарбытыгар олус наадалар.  Кинилэр олохторун быыһыырга биир көмөбүт буолар. Онон бу үлэҕэ ылсыбыппыт. Маныаха биһиги биллэн туран уопсастыбаннас күүһүгэр тирэҕирэбит. Оннук биир күүһүнэн түөлбэлэр буолаллар. Амма нэһилиэгин түөлбэлэрэ график быһыытынан кэлэн бараллар. Ордук көхтөөхтүк  “Күннүк”, “Сэргэлээх”, “Муона”, “Хардыы” түөлбэлэртэн  кэлэн элбэхтии буолан үлэлииллэр. Онон инникитин атын түөлбэлэр эмиэ  “норуот күүһэ — көмүөл күүһэ” диэн санаанан салайтаран, күүс-көмө буолалларыгар ыҥырабын”, — диэн “Амарах сүрэх” уопсастыбаннай хамсааһын чилиэнэ, сиэккэ өрүүтүн сүрүннээччи Надежда Шараборина иһитиннэрдэ.

 

Ааптар: «Амма олоҕо» хаһыат

Читайте дальше