Улуус баһылыга Степан Кузьмин салайар бөлөҕө үһүс күнүн ааспыт сылга ыытыллыбыт үлэни нэһилиэнньэҕэ билиһиннэрэр. Тохсунньу 25 күнүгэр отчуоту Сулҕаччы, Сэргэ Бэс, Соморсун уонна Мээндиги нэһилиэктэрин олохтоохторо иһиттилэр.
Сулҕаччыга отчуоттуур бөлөх оруобуна күн тахсыытыгар тиийдэ. Онтон кулуупка саламааттаах алгыстаах алаадьы күүтэн турарын көрөн букатын да соһуйан, үөрэн, ыраах айантан сылайа быһыытыйбыттара сүтэн хаалла. Бу курдук тыа дьоно барахсан кэлбит ыалдьыты аламаҕайдык көрсөн саха дьоно ыалдьытымсаҕын бигэргэтэн биэрэллэр.
Сулҕаччыга тирээн турар кыһалҕаларынан скважинаттан тахсар уу фильтрын уларытыы, өссө хаалбыт ыаллары киин ититэр ситимҥэ холбооһун, ону кытта суол-иис, Мигири муостатын өрөмүөнэ, саҥа оскуола тутуута, эдэр исписэлиистэргэ анаан уопсай дьиэ тутуута, Чурапчы улууһун кытта кыраныыссаны быһаарыы, Сулҕаччы-Мындаҕаайы суолун оҥоруу хаһан да буоларын курдук биир сүрүннэрэ буоллулар.
Онтон Сэргэ Бэскэ кулууп саалатын толору киһи мустан, арыый хойутаан кэлбит киһи олорор миэстэтин да булара күчүмэҕэйдээх буолла. Ол курдук кырыс сир бөһүөлэгин кыракый нэһилиэгин олохтоохторо улуус дьаһалтатын кытта көхтөөхтүк кэлэн көрүстүлэр, ыытыллыбыт үлэни сэргии көрдүлэр. Манна эмиэ сааскы халааҥҥа уу ылан киин сири кытта сибээһи харгыстыыр Мигири үөрэх муостата, эдэр исписэлиистэргэ дьиэ-уот, оскуола хапытаалынай өрөмүөнэ, эмчиттэр тиийбэттэрэ долгутта.
“Отчуот наһаа үчүгэйдик оҥоһуллубут. Бэркэ сэргээн көрдүбүт. Баһылык бэйэтэ эмиэ баар кыһалҕаларбытын барытын хонтуруолга тута сылдьара истэргэ үчүгэй. Онон биллэн туран үөрэ-көтө ыытыллыбыт үлэҕэ “үчүгэй” сыананы туруордубут. Биир улахан кыһалҕалаах боппуруоспутунан чааһынай тэрилтэ үлэлэтэр хочуолунайын туруга буолар. Улахан тымныыларга авариялар буолар тоҥуу-хатыы тахсыбыта. Онон хочуолунай оборудованиетын уларытарга туруорустубут. Мунньахха бу тэрилтэ бэрэстэбиитэлэ кэлэн кыттыыны ылла”, — диэн олохтоох, өр сыл оскуола дириэктэринэн үлэлээбит Мария Борохина санаатын үллэһиннэ.
Соморсуҥҥа отчуокка эмиэ дьон «лыык» курдук кулууп буолан турар балаҕан дьиэҕэ муһуннулар. Уопсайа 64 киһи кэлэн 20-чэ боппуруоһу биэрэн, санааларын этиннилэр. Нэһилиэк улуус биир саамай көхтөөх, кыайыылаах нэһилиэгэ буолар. Кинилэргэ күн бүгүн кулууптарын тутуута саҕаланан, сэргэхсийэ сылдьаллар. Аны туруорсар туруорсуулара оскуолаларын тутуута хамсыыр турукка киирбит. Улуус баһылыгын тутууга солбуйааччы Виктор Смирников олохтоохторго оскуола ханан тутуллуохтааҕын, хайдах буоларын кэпсээн букатын да сэргэхсийдилэр. Биир туруорсар туруорсуунан үөһээ сытар уулуссаҕа олорор ыаллары киин ититэр ситими холбооһун буолла. Бу да боппуруос быһаарылла сылдьар эбит. Онон көрсүһүүгэ кэлбит дьон бэриллибит боппуруостарыгар эппиэттэри ылан астыннылар уонна улуус дьаһалтата салгыы бу курдук күүскэ үлэлииригэр баҕардылар.
Мээндигигэ дьон эмиэ син кэлэ сатаабыт эрээри, инники нэһилиэктэрдээҕэр арыый кэмчи. Ол да буоллар сөптөөх кэпсэтии таҕыста. Өр кэмҥэ салайар үлэҕэ, нэһилиэк баһылыгынан үлэлээбит, улуус дьокутаатынан да талылла сылдьыбыт Иван Назаров улуус салалтатыгар маннык эдэр эрчимнээх дьон үлэлии сылдьалларыттан астынарын биллэрдэ уонна инники үлэлэригэр ситиһиини баҕарда. Ааспыт сылга хайа да сыллааҕар элбэх үлэ ыытыллыбытын бэлиэтээн туран соморсуннар курдук “үчүгэй” сыананы туруорда. Кини мээндигилэр күн бүгүн саамай тирээн турар боппуруостарынан спортсаала буоларын, ол боппуруос болҕомтоҕо ылыллан тиһэҕэр тиэрдиллиэҕэр баҕарда. Ону сэргэ суол оҥоһуута эмиэ хаачыстыбалаах буоларын ситиһэргэ, күүстээх уот кэлиитигэр күүскэ ылсарга санаатын тириэртэ. Маны сэргэ мээндигилэр оскуолаларын өрөмүөнүн, Амма сыбаалкатын быһаарыы уолдьаспытын уонна да атын этиилэргэ тохтоотулар. Түмүккэ эмиэ куоластааһын түмүгүнэн ыытыллыбыт үлэ биһирэннэ.
Ити курдук түөрт нэһилиэк олохтоохторо улуус дьаһалтата ыыппыт ааспыт сыллааҕы үлэтин сөптөөҕүнэн аахтылар, салгыы ситиһиилэри баҕардылар, туруорсуулара олоххо киирэригэр эрэннилэр. Отчуот туһунан сиһилии “Амма олоҕо хаһыакка ааҕаарын.
«Амма олоҕо» хаһыат