Тыл тула туһалаах кэпсэтии

Саха тылын чөлүгэр түһэрэр, оҕолорго киэҥник тарҕатар соруктаах өрөспүүбүлүкэтээҕи “Күн” түмсүү оҕолоро Аммаҕа кэлэ сырыттылар. Ыалдьыттар саха тылын туһугар өрдөөҕүттэн сүрэхтиин-быардыын ыалдьар, туруулаһар Иван Шамаев салайар өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэйин үөрэнээччилэрэ. Оҕолору лиссиэй дириэктэрин иитэр үлэҕэ солбуйар, биир дойдулаахпыт Клара Романова уонна лиссиэй иитээччитэ Сибэкки Заровняева аҕаллылар.
Истэр тухары саха тыла сатарыйар, сүтэр-хаалар күнэ бу тирээн эрэр диэн тыл-өс хойдор. Тыл сүттэ да омук – омук быһыытынан уратыта, отуора уларыйар, суураллар. Билигин “Бикипиэдьийэ” сайтка саха тылын туруга “кэбирэх” (уязвимый) диэн бэлиэтэнэн сылдьар. Кэнники нэһилиэнньэ биэрэпиһэ көрдөрбүтүнэн, саха ахсаана баара-суоҕа 460 тыһыынча. Ити аата, биир мөлүйүөн ахсааннаах өрөспүүбүлүкэбитигэр сахата аҥарын да кыайбат. Мантан куорат нууччатымсыйбыт сахаларын көҕүрэттэхпитинэ сахалыы тыллааҕа букатын да аҕыйыыр. Күн бүгүн сахалыы саҥа сатарыыр сирэ – тыа сирэ. Онон саха тылын тиһэх тирэҕэ – тыа нэһилиэктэрэ. Тыабытыгар даҕаны саҥа үйэ сүүрээнэ – интернет “ютуба”, “тик-тога” оҕолор тылларын бүдүрүтэр, булкуйар кыахтаах. Инньэ гынан, “Күн” түмсүү оҕолорго сахалыы саҥаны көбүтэр, төрөөбүт тылга болҕомтону тардар, көҕүтэр үлэтин тыа сириттэн саҕалаабыта сөптөөх.

Кэпсэтиигэ ыҥырыы хас эмэ күн иннинэ эрдэттэн тахсыбытын үрдүнэн аҕыйах нэһилиэк кэллэ. Баһыйар өттө Амма бастакы нүөмэрдээх оскуолатын, Амматааҕы лиссиэй, Бөтүҥ, Сэргэ Бэс, Чакыр, Абаҕа үөрэнээччилэрэ кытыннылар. Ону сэргэ Эмис уонна Өнньүөс оҕолорун оскуола дириэктэрдэрэ бэйэлэрэ илдьэ кэлэн кэпсэтиигэ кыттыбыттара хайҕаллаах. “Күн” түмсүү оҕолоро Иван Шамаев сахалыы тыыҥҥа уһуйар оскуолатын үөрэнээччилэрэ диэх-диэх курдук, тыллыын-өстүүн мааны барахсаттар Амма оҕолорун кытары саха тылын бүгүҥҥү туругун туһунан аһаҕастык ирэ-хоро кэпсэттилэр, санаа атастастылар. Кыһалҕаны илдьиритиһии кэннэ алын, орто сүһүөх кылаас оҕолоро сахалыы тылынан саҥараллара дьоҕуһаабыт, бэйэ икки ардыгар нууччалыы кэпсэтии баһыйбыт диэн быһаардылар. Салгыы маннык майгынан бардахпытына көлүөнэ солбуһуутугар сахалыы саҥарбат көлүөнэ үөскүүһү диэн түмүктээтилэр. Маны туоратарга, сахалыы эйгэни тэрийэргэ үлэни күүскэ ыытыаҕыҥ диэн санааҕа кэллилэр. Оҕолор бэйэлэрэ араас бырайыактары толкуйдаан санаа бөҕөтүн эттилэр, этии бөҕөтүн киллэрдилэр. Оскуолаларга уруок бүппүтүн-буолбутун биллэрэр чуорааны хомус, кырыымпа тыаһынан солбуйуоххайыҥ да дэстилэр, сахалыы араадьыйаны саҥардыахха, сахалыы төрүт оонньуулары дэлэтиэххэ, сахалыы таҥаһы-сабы кэтиэххэйиҥ да дэстилэр. Оҕо оҕоттон көрөн-истэн үөрэнэр дииллэринии, оҕо сылдьар, үөлээннэхтэрин кытары алтыһар эйгэтигэр сахалыы тыыны хото киллэрдэххэ саха майгытыгар түргэнник үөрэниэ, ылыныа диэн түмүккэ кэллилэр. Күн аҥара кэпсэтэн бараннар оҕолор Аммаҕа “Күн” түмсүүнү тэрийэргэ сүбэлэстилэр. Тута бассаапка “Күн Амма” бөлөҕү олохтоон онно суулаһан олорон аны да сэлэһиэх, санаа атастаһыах буоллулар. Кэлбит оскуолалар бары бэйэлэрин нэһилиэктэригэр эмиэ “Күнү” тэрийиэх буолан тарҕастылар. Амматааҕы “Күн” түмсүү үлэтин сүрүннүүр, иилиир-саҕалыыр киһинэн улуустааҕы үөрэх управлениетын исписэлииһэ Анна Макарованы таллылар.
Тыл туһунан кэпсэтии кыттыылаахтарыттан санааларын сурастахха маннык эбит. Клара Романова, өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй дириэктэрин иитэр үлэҕэ солбуйааччы:

“Оҕолору кытары көрсөн, билсэн, кэпсэтэн олус үөрдүбүт. Кэпсэтиибитигэр аан бастаан “Сахабыт тылынан оҕолорбут саҥараллара мөлтөөн, бэйэ бэйэлэрин кытта ордук нууччалыы кэпсэтэллэрэ кыһалҕа буолла” диэн санааны оҕолор соһуйа иһиттилэр дии санаатыбым, бу туһунан бүгүн саҥа истибиттэр элбэхтэр диэххэ сөп. Учууталлара баалларыгар бары “сахалыы кэпсэтэбит, бырааттарбыт балыстарбыт эмиэ бары сахалыы кэпсэтэллэр” диэн кэпсээтилэр. Онтон эбии холобурдарынан, олохпутуттан, куорат оскуолаларыгар балаһыанньа хайдаҕын өр ырытыһан баран, бөлөҕүнэн үлэҕэ бары ылсан кыһаллан, сахалыы эйгэ тэрийиини элбэтиэххэйиҥ диэн ис хоһоонноох бырайыактары оҥордулар. Элбэх сэргэх, олоххо чэпчэкитик киирэр үчүгэй идеялары эттилэр. Төрөөбүт тылы оскуолаларбыт иһигэр оҕолорго тарҕатыыга үлэлиэхпитин баҕарабыт, бэлэммит диэн эттилэр. Бу хамсааһыны билигин оскуолаларбытыгар бу тэрээһиҥҥэ сылдьыбыт оҕолору кытта тэрийэн, маҥнайгы тэрээһиннэри бу курдук аһаҕас кэпсэтии быһыытынан ыытан үлэбитин салгыахпыт”.

Мария Ноговицына,  Амматааҕы лиссиэй саха тылын учуутала:

“Үчүгэй, сэргэх тэрээһин буолла. Оҕолор улахан киһи хонтуруола суох бэйэлэрин санааларын аһаҕастык үчүгэйдик этэллэр, кыһалҕаларын быһаарсаллар эбит. Тылга улахан болҕомто ууран төрөөбүт тылларынан саҥарыахтарын баҕараллара көстөр. “Күн” түмсүү оҕолоро биир эйгэлээхтэрэ, үөлээннээхтэрэ кэлэн саҥарбыттарыгар- иҥэрбиттэригэр оҕолорбут сирэйдиин-харахтыын уларыйдылар. Тыллыын-өстүүн чочуллан турдулар. Онон оҕолорго сахалыы эйгэни тэрийдэхпитинэ оҕолор сахалыы саҥаҕа тартаран барыахтарын сөп диэн түмүккэ кэллибит. Аны, улууска итинник тэрээһини элбэх оҕону хабан туран ыытыллыахтаах. Лиссиэйбит оҕолоро санааларын аһаҕастык эттилэр. Маннык түмсүүнү тэрийэргэ быһаарыннылар. Сахалыы тыл суураллыыта – саха тылын учууталларын кыһалҕата диэн өйдөбүл баар. Оннук буолбакка, хас биирдии төрөппүттэн эмиэ тутулуктаах. Кавказ омуктарын тыллара тоҕо сүппэтий? Кинилэр төрүт үгэстэрин, итэҕэллэрин, оҕону иитэр ураты ньымаларын өрө тута сылдьаллар, кырдьаҕастарын-аксакалларын тылларыттан тахсыбаттар. Ол төрүт иитэр-үөрэтэр майгыларын көлүөнэттэн көлүөнэҕэ биэрэн, утумнаан иһэллэр. Онтон биһиэхэ атын көлүөнэ төрөппүт, оҕолор кэлэн иһэллэр. Итиннэ иитии төрдүттэн сахалыы бардаҕына эрэ табыллар”.

Олег ЕГОРОВ

Читайте дальше