Дьылбыт бүтэһик ыйа чугаһаан Алтаммытыгар дьиэлэр номнуо саҥа сылы көрсөрдүү бэлэмнэнэн дьэрэкээн уоттарынан киэркэйэн эрэллэр. Бу алыптаах бырааһынньыгы ама ким кэтэспэт буолуой? Ол курдук олохтоох дьаһалта дьиэтигэр доруобуйаларынан хааччахтаах дьон декадаларын чэрчитинэн оҕолорго аналлаах саҥа дьыл тыынын киллэрэр бэртээхэй тэрээһин ыытылынна. Үлэ чааһын бүтүүтэ төрөппүттэр оҕолорун сиэппитинэн саҥа дьыллааҕы чүмэчи уурар олохтору оҥорор сатабылы иҥэринээри маастар-кылааска муһуннулар.
Маастар-кылааһы барыга-бары сатабыллаах эдэр ийэ Мария Неустроева иилээн-саҕалаан ыытта. Мария оҕолоро иккиэн доруобуйаларынан хааччахтаах буоланнар, кинилэргэ сонун идиэйэлэрин иҥэрэн, кыраларыттан араас оҥоһуктары оҥорорго, айарга-тутарга такайа сылдьар киһи быһыытынан бэрт улгумнук-өйдөнүмтүөтүк быһааран-көрдөрөн, ыйан-кэрдэн биэрдэ. Мустубут оҕолор сүрдээҕин сэҥээрэн, ылсыһан туран чүмэчилэрин уурар олохторун үөрэ-көтө оҥорон-ситэрэн кэбистилэр, саҥа дьыл тыыныгар умсаахтаан ыллылар. Ийэлэр оҕолоругар сүбэ-ама биэрэн, тутуһан-хабыһан көмөлөһөннөр кыра дьоннуун тэҥҥэ үөрүстүлэр, бырааһынньыктааҕы түбүккэ кыттыстылар. Чүмэчилэрбит олохторунан аныгылыы хортуонтан оҥоһуллубут ыстакааннар буоллулар, кинилэри сиэдэрэй киэргэллэрдээх харыйа лабаалара, кыһыл отоннор, килэпэчигэс мөһүүрэлэр, оҕуруолар киэргэттилэр. Мария маастар-кылааһын тэрилин килиэйиттэн киэргэлигэр тиийэ барытын бэйэтэ аҕалла уонна кырачаан такайааччылара оҥорбут оҥоһуктарын бэлэх уунна. Олохтоох дьаһалта уонна түмсүү ааттарыттан кыттыбыт оҕолорго барыларыгар туоһу суруктар уонна бириистэр туттарылыннылар.
Түмүккэ бары остуол тула олорон үөрэ-көтө чээйдээтилэр, атах тэпсэн олорон сэһэргэстилэр. Ийэлэр бары биир кыһалҕаҕа сылдьар буоланнар, этэргэ диэри, тыл аҥарыттан өйдөһөн, уопсай тиэмэни була охсон элбэҕи кэпсэттилэр, санааларын үллэһиннилэр. Онтон оҕолорго мустуу диэн — бу бэйэтэ туһунан бырааһынньык буоллаҕа. Бириэмэ биллибэккэ ааспытыттан төһө да кыратык хомойдоллор, инникитин тиһигин быспакка кэмиттэн-кэмигэр мустан, сааһын тыаҕа тахсан көрсүһүүлэрин элбэтэргэ тыл көтөхтүлэр, уопсай сүбэнэн ылыннылар.
Бу тэрээһиҥҥэ сүүрбүт-көппүт нэһилиэкпит «Чэбдик» доруобуйаларынан хааччахтаах дьон түмсүүтүн бэрэссэдээтэлигэр Любовь Поповаҕа, социальнай үлэһит Прасковья Чабыкинаҕа уонна маастар-кылааһы ыыппыт Мария Неустроеваҕа олохтоох дьаһалта аатыттан махталбытын тириэрдэбит. Соҕотох буолууну ким да баҕарбат, онон биһиги хас биирдиибит дьону кытта чугасаһар суолу көрдүүбүт. Оттон тулалыыр эйгэни кытта сыһыаны хайдах олохтуохха сөбүй? Маныаха уопсай сыаллар-соруктар уонна олох сыаннастара көмөлөһөллөр. Түмсүү сүрүн тирэҕин буллахха, киһи бары мэһэйдэри туоруур кыахтанар. Куруук биир сыал-сорук тула түмсүүлээх, бэйэ-бэйэҕэ өйөбүллээх буолуҥ.
Татьяна АТЛАСОВА.