Бу күннэргэ улуус омук тылын үөрэтэр учууталларыгар методическай семинар буолан ааста. Семинары В.Г. Короленко аатынан Амма 1 нүөмэрдээх оскуолатын английскай тылын учууталлара ыыттылар.
Тэрээһиҥҥэ Алтан, Сулҕаччы, Бөтүҥ, Абаҕа, Чакыр,Чапчылҕан, Л.В. Киренскэй аатынан Амматааҕы лицей омук тылын учууталлара кыттыыны ыллылар.
Семинар сүнньүнэн учууталлар аhаҕас уроктарга, маастар-кылаастарга сырыттылар, оҕолор омуктуу ырыаларын, үҥкүүлэрин, инсценировкаларын сэргии көрдүлэр.Семинар биир чаҕылхай түгэнинэн Соҕуруу Корея учуутала биһиги оголорбутугар зум платформа нөҥүө английскайдыы «Мозаика» диэн темаҕа уруок ыыппыта буолар. Оҕолор учуутал омуктуу саҥатын өйдөөн, эппит сорудаҕын барытын оҥорон, кэлбит учууталлар биһирэбиллэрин ыллылар. Өссө биир умнуллубат түгэнинэн кэлбит учууталларга анаан оскуола эдэр учуутала Н.Е. Куличкина зумба дьарыгы ыыппыта буолар. Учууталлар бары зумба техникатынан хамсанан, сылааларын таһаардылар. Семинары оскуола психологтара рефлексиянан түмүктээтилэр, кэлбит учууталлар санааларын үлэһиннилэр, элбэҕи билбиттэрин туһунан эттилэр. Оскуола үөрэтиигэ, методическай үлэҕэ директоры солбуйааччыта О.А. Окорокова туhaлаах семинар буолбутун туhyнан иhитиннэрдэ, кэлбит учууталларга махтанна уонна оскуола учууталларыгар ситиhиини баҕарда.
Алина Симонова, Федорова Вика, 9 «а» кылаас үөрэнээччилэрэ.