Дойдуга педагог уонна уһуйааччы сылынан Аммаҕа “Үөрэнээччи. Учуутал” өйү, билиини тургутар куонкурус аан бастакытын ыытылынна. Түөрт түһүмэхтээх тургууну тоҕус оскуола хамаандата мүлчү түстүлэр.
В.И. Жожиков аатынан Амматааҕы оҕо бибилэтиэкэтин бырайыагын олоххо киллэриигэ лиссиэй, 1 №-дээх оскуола бибилэтиэкэлэрэ өйөбүл, көмө буоллулар. Учуутал үөрэнээччитинээн кыттар бастакытын ыытыллыбыт куонкуруска Амматааҕы лиссиэйтэн Чемезов Григорий Касьянович 8 кылаастан Дайаана Михайловалыын, Чапчылҕантан Стручкова Елена Иннокентьевна 7 кылаастан Айылаана Захаровалыын, Чакыртан Афанасьева Татьяна Сергеевна 7 кылаастан Иннокентий Гаврильевтыын, Болугуртан Пахомова Надежда Валерьевна 8 кылаастан Максим Кононовтыын, эдэр туристар станцияларыттан Федорова Саргылана Юрьевна Амма 1№-дээх оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Валерия Федоровалыын, Соморсунтан Наумова Александра Николаевна 8 кылаастан Даайа Давыдовалыын, Бөтүҥтэн Никифоров Егор Трофимович 8 кылаастан Тимофей Борисовтыын, Мээндигиттэн Попова Мария Фоминична 7 кылаастан Сайан Павловтыын, Мээндигиттэн Аммосова Мария Николаевна 7 кылаастан Алгыстан Степановтыын судургута суох ыйытыыларга төбөлөрүн “сыстылар”.
“Разминка. Общая эрудиция”, “Краеведение РС(Я)”, “Патриотизм (Амгинский улус)”, “Видеовопросы” түһүмэхтэри кыттааччылар буһа-хата ааһанна, түөрт киһиттэн састааптаах дьүүллүүр сүбэ күүттэриитэ суох кыайыылаахтары ааттаата.
Ол курдук, бириистээх үһүс миэстэни Чакыртан Татьяна Сергеевна Афанасьева үөрэнээччитинээн Иннокентий Гаврильевтыын ыллылар. Иккис миэстэ Попова Мария Фоминична үөрэнээччитинээн Сайан Павловтыын буоллулар. Оттон саамай элбэх ыйытыыга сөптөөх эппиэттэри биэрэн муҥутуур кыайыылаахтарынан лиссиэйтэн Григорий Касьянович Чемезов үөрэнээччитинээн Дайаана Михайловалыын ааттаннылар. Кыайыылаахтар спонсор — урбаанньыт Саргылана Тимофеева “Махтал” маҕаһыыныгар сертификаттарынан бэлиэтэннилэр.
“Амма олоҕо” хаһыат.