Учууталларбыт биһиэхэ холобур буолаллар

Амма 1 нүөмэрдээх орто оскуолатын эр дьон учууталлара өбүгэбит үтүө үгэһин утумнаан, үүнэр көлүөнэ ыччаты иитэр – үөрэтэр сыаллаах уолаттарга анаан оскуола иһинээҕи “БАЙАНАЙ — 2023” күрэҕи Амма өрүс кытылыгар ыыттылар. 

Саха дьоно былыр – былыргыттан аар тайҕа маанылаах оҕолоро ааттанан кэлбиппит. Ол да иһин бу орто дойдуга төрүөхпүтүттэн Баай Байанайы кытта доҕордоһон, сир-дойду, от-мас иччилэригэр сүгүрүйэн, Алгыс тылын этэн, сиэри-туому тутуһар үтүө үгэстээхпит.

Чулуу булчуттар тыаҕа бултуу – алтыы сылдьан аал уот оттон, тойон эһэлэриттэн Баай Барыылаахтан, сис хара тыа иччитэ Куралай Бэргэн убайдарыттан, Тыа кыыһа Сырыы Дьабыл эдьиийдэриттэн, уот иччитэ Хатан Тэмиэрийэ кырдьаҕастан үҥэн – сүктэн көрдөһө, ааттаһа сылдьаллара.

В.Г. Короленко аатынан Амма №1 орто оскуолатын 5 – 11 кылаастарын үрүӊ уоланнара барыта холбоон 5 көрүҥҥэ күөн көрүстүлэр: Байанай алгыһа, сыал ытыыта, ойбон алларан балыктааһын, булчуту таҥыннарыы уонна оллоон оттон чэй өрүү.

Күрэх түмүгүнэн 5 – 6 кылаастар икки ардыларыгар 6 кылаас уолаттара, 7 – 8 кылаастар икки ардыларыгар 7 кылаас уолаттара, 9 – 11 кылаастар икки ардыларыгар 10 кылаас уолаттара кыайан – хотон айхалланнылар. Күөх Боллох саамай улахан балыгы  8 кылаас уолаттарыгар күндүлээтэ.

Бу курдук оскуола эр дьон учууталлара биһиэхэ, аныгы көлүөнэ ыччаттарга, сахабыт омугун төрүт үгэһин билиһиннэрэн, айылҕалыын алтыһыннаран, булт – алт угэстэригэр сыһыаран бэртээхэй тэрээһиннэри ситимин быспакка ыыта тураллара биһигини үөрдэр.

Кирилл Александров, Эрхан Илларионов, Амма 1 нүөмэрдээх орто оскуолатын 9 „а” кылааһын үөрэнээччилэрэ, АеСеШник корреспонденнара.

Читайте дальше