Болугур «Колосок» уһуйааныгар уйулҕа ыйын чэрчитинэн икки нэдиэлэ устата төрөппүттэргэ «Аһаҕас аан» күннэрэ тэрилиннилэр. Бу күннэргэ төрөппүттэр уһуйааҥҥа кэлэн оҕолорун кытта алтыһан араас сайыннарыылаах, эт-хаан өттүттэн чэбдигирдэр, оҕо ис уйулҕатын уоскутар оонньууларга кытыннылар.
Ол туһунан төрөпүттэр олус астынан санааларын үллэһиннилэр.
«Чуораанчык» орто бөлөх төрөппүтэ Сардаана Петровна Егорова:
-Алтынньы 29 күнүгэр «Колосок» уһуйааммытыгар оҕолорго уонна төрөппүттэргэ аналлаах аһаҕас аан күнэ буолан ааста. Аан бастаан, «Аптаах хос» диэн оҕобунаан астынан ааттаабыт хоспутугар киирбиппит- киирээтин кытары киһини уоскутар фоновай ырыалаах, дьэрэкээн өҥнөөх уоттар, гирляндалар, бытаан, чуумпу биһиги уйулҕабытын таарыйда. араас оонньуулары, доруобуйаны чэбдигирдэр маллары оҕобунаан иккиэн боруобалаан, тутан-хабан, тыытан оонньоотубут, саҥаны биллибит. Ол хостон тахсан аны атын дьарыктары оҥордубут, оҕо, төрөппүт өйүнэн толкуйдуур, араас өй-санаа сайыннарыылаах оонньуурдарынан, илии, тарбах үлэтин сайыннарар малларынан боруобаланан, оҕобун кытта тэҥҥэ оҥорон, толорон көрдүбүт, олус астынныбыт. Тоҕо диэтэххэ, бастатан туран, уһуйаан араас оонньуулары, дьарыктары бэлэмнээбиттэриттэн, иккиһинэн, оҕобун кытары бииргэ бириэмэ атаарбыппыттан, биир тэҥҥэ оҕолуу оонньообуппуттан. Онон, бу курдук тэрээһин, аһаҕас аан күнэ өссө буолара буоллар диэн санааланныбыт. 30 мүнүүтэ кылгас эбит диэн биллибит, биир-балтараа чаас бэрт буолуо этэ. Уһуйаан иитээчилэригэр, тэрийсибит үлэһиттэргэ барҕа махтал.
«Ньээм-ньээм» кыра бөлөх төрөппүтэ Сандаара Петровна Осипова:
-Уһуйааммытыгар “Аһаҕас аан күнүн” биллэрбиттэрин олуһун үөрэ истибитим. Ол курдук, оҕобун кытта уһуйааммытыгар хосторунан уонна көрүдүөрүнэн кэрийэ сылдьан наһаа үчүгэй араас оонньуулары оонньоотубут. Ол оонньууларбыт оҕо этин- сиинин, саҥатын, илии бытархай былчыҥнарын сайыннарар уонна Ис уйулҕатын уоскутар оонньуулар. Бэйэм даҕаны, кыыһым даҕаны олуһун диэн сөбүлээтибит.
«Сардаана» кыра бөлөх төрөппүтэ Виктория Степановна Алексеева:
-Манна оҕом уонна бэйэм кыыллардаах легонан интириэһиргээн оонньоотубут. Кыыһым бэйэтэ дьиэ уонна айылҕа кыылларын олус сөбүлүүр. Оҕону сайыннарар араас көрүҥ оонньуу баарын сэҥээрдибит, хайҕаатыбыт. Маннык аһаҕас аан күннэрэ бааллара наһаа үчүгэй, туһалаах дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ, төрөппүттэр оҕолорбут хайдах уһуйааҥҥа сылдьалларын, оонньуулларын, дьарыктаналларын туһунан кылгастык билсэр, көрөр буоллахпыт. Аныгыскы тэрээһиҥҥэ мин тус бэйэм оҕом бөлөҕүн иһигэр дьарыкка хайдах үлэлиирин, тугу сөбуүлээн оонньуурун, оҕолору уонна иитээччилэри кытта алтыһарын көрүөхпүн баҕарабын.
Элбэх оҕолоох ийэ,»Ньургуһун» улахан бөлөх төрөппүтэ Алена Алексеевна Евсеева:
-Оҕо сайдарыгар наһаа үчүгэй оонньуурдар, оонньуулар баалларын көрдүм, сэҥээрдим, кырачаан баҕайы дьон тугу сатыылларын, туохха үөрэммиттэрин төрөппүттэригэр көрдөрөн тэҥҥэ оонньоон дьоллоноллоро наһаа үчүгэй, өссө да инник аһаҕас аан күнэ буоллун, уонна өссө дьарыктарга сылдьан оҕо хайдах дьарыктанарын көрүөхпүн истиэхпин баҕарабын, уһуйаан үлэһиттэригэр кытаанах доруобуйаны дьолу тулууру дьулууру элбэх ситиһиилэри баҕарабын.
Элбэх оҕолоох ийэ,»Ньургуһун» бэлэмнэнии бөлөх төрөппүтэ Татьяна Юрьевна Афанасьева:
-«Уйулҕа ыйа» тэрээhиҥҥэ сылдьан, оҕобут маннык сырдык, сылаас, оҕону аралдьытар, сайыннарар аныгылыы толору хааччыллыылаах дьиэҕэ сылдьарыттан өссө төгүл астына санаатым. Оҕом оскуолаҕа киирэригэр толору бэлэмнээх, элбэх билиини иҥэринэн уhуйаанын бүтэриэ диэн эрэнэбин. Коллективка үрдүк ситиhиилэри, сайдыыны, элбэх төрөппүт махталын ыла тураргытыгар баҕарабын.
Ити курдук уһуйаан үлэһиттэрэ үөрүүлээх түгэннэри үксэтээри оҕолорбутугар анаан уһуйааммыт иһинэн араас интириэһинэй тэрээһиннэри ыытабыт.
Ольга Петрова.