Үүммүт сылбыт Айыыһыт сыла. Төһө да илиҥҥи халандаарынан Дракон сыла буоллар, биһиэхэ Сахабыт сиригэр эмиэ хас биирдии сылбыт бэйэтэ туспа бэлиэлээх. Ааспыт сыл Дьөһөгөй сыла эбит буоллаҕына, бу үүммүт сылбыт Айыыһыт сыла. Ол- Арассыыйаҕа биллэриллибит Дьиэ кэргэн уонна өрөспүүбүлүкэбитигэр – Оҕо саас сылыгар олус диэн ханыылыы буолла. Эмис нэһилиэгин улахан дьиэ кэргэнин далбар хотуна, айар-тутар куттаах Матрена Тимофеева- Самаана Айыыһыт сылыгар анаммыт хоһоонноох. Бу айар үлэтин кини бэйэтин чугас дьонугар, улуус бары олохтоохторугар аныыр.
“Үүммүт сылтан биһиги кэрэни эрэ кэтэһэбит. Бу сылга туох баар бары баҕа санааларбыт туоллуннар, хас биирдиибитигэр айыыларбыт дьолу, туох эрэ дьиктини эрэ тосхойдуннар. Элбэх оҕо күн сирин көрөн, сиэннэр эбиллэ турдуннар, көмүс чыычаахтарбыт дьоллоох олохтоннуннар”, — диэн этэр Матрена Николаевна.
АЙАР КУТ
Аартыгым ааныгар
Айар кут алыбар
Абылаҥ санаанан
Алгыскын анаараар.
Истиҥник мичийэр
Илбистээх иэйиигэр
Иэйиэхсит имнэнэр
Имэҥин иҥэрээр.
Хомуһун тыллардаах
Хомоҕор хоннороор,
Хоһоонноох хонуугар
Хоодуоттук хаамтараар.
Умсулҕан утаҕын
Уостарбар даҕайаар,
Утаппыт тамаҕым
Уохтарын ханнараар.
Айылгым аартыгын
Ааннарын арыйаар,
Абылаҥ аргыстаан,
Айаммар арыаллаар.
«Амма олоҕо» хаһыат