Улуус баһылыга окко киирии үлэтин билсэ икки нэһилиэккэ сырытта

Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмин бэйэтин анал дьаһалынан быйылгы от хампаанньатын  улууска от ыйын   1 күнүттэн саҕалыырга сорудахтаабыта. Бу күннэргэ баһылык Эмис уонна Сатаҕай  нэһилиэктэригэр сылдьан окко киирии хайдах баран иһэрин билистэ. Кинини кытта тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччытын солбуйааччы Алексей Шишигин сырытта.

Биһиги улууспут быйылгы окко былаана улахан. Ол курдук төһө да сыл тахсарга 29000 тонна от сөп буолар буоллаҕына, биһиэхэ 32239 тонна оту бэлэмнииргэ сорук тириэрдиллэн турар. Ону нэһилиэктэринэн аттаран, туох кыалларынан толорорго дьулуһабыт. Биллэрин курдук Сатаҕай нэһилиэгэр сирдэрэ кыра буолан, куруутун атын сиргэ баран оттууллар, сыллааҕы былааны толорууга ыарахаттары көрсөллөр. Икки нэһилиэккэ сылдьан үлэһиттэри кытта көрсөн кэпсэтиигэ, быйыл былааны толоруохпут диэн эттилэр. Манна ардахтар түспүт буоланнар, от үүнүүтэ үчүгэй. Хаһан да буоларын курдук Эмистэн да, Сатаҕайтан да ыраах үрэхтэргэ баран оттуурга биригээдэр тэриллэллэр. Быйыл улуус үрдүнэн 30 мобильнай биригээдэ тэриллиэ. Манна барыта 73 техника, 103 отчут үлэлиирэ былааннанар. Бу биригээдэлэр нэһилиэктэн 60 км ыраах баар сиргэ оттуу тахсыахтара. Былааннара 4745 тонна. Кинилэргэ уматыктарын толуйууга өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытта кэпсэтиилэр, туруорсуулар бара сылдьаллар”, — диэн Степан Николаевич санаатын үллэһиннэ.

«Амма олоҕо» хаһыат

 

Читайте дальше