Улуус бырайыагын өрөспүүбүлүкэҕэ биһирээтилэр

Алтан нэһилиэгиттэн саҕыллан тахсыбыт “Үлэ аргыстаах эдэр саас” бырайыак өрөспүүбүлүкэҕэ сүрэхтэннэ уонна биһирэбили ылла. СӨ Уопсастыбаннай палататыгар бырайыагы тарҕатыы туһунан 16 улуус бэрэстэбиитэллэрэ, уопсастыбаннас кыттыылаах киэҥ кэпсэтии буолла. “Төгүрүк остуол”-га улуус баһылыга Степан Кузьмин, баһылыгы социальнай эйгэҕэ солбуйааччы Ньургуйаана Илларионова, бэтэрээннэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Мария Захарова уонна бырайыак сүрүннээччилэрэ Оксана Архипова, Наталья Борисова, Римма Дьячковская, Галина Бочугурова кыттыыны ыллылар. Кэпсэтиини Ньургуйаана Илларионова салайан ыытта.

 

“Өрөспүүбүлүкэбит Общественнай Палататыгар бу бырайыакпытын киэҥ эйгэҕэ тарҕатыы туһунан “төгүрүк остуол”-га биһигини сэргэ  Общественнай Палата бэрэссэдээтэлэ  Станислав Иванов, бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Лена Ефремова, чилиэннэрэ Валентина Кириллина, Ульяна Винокурова, Николай Барамыгын, Сергей Сюльскай, Сергей Анисимов, Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтиттэн Департамент салайааччыта Мария Николаева уонна Ил Түмэн дьокутаата Александр Корякин, “Амма түмсүү”-түттэн бырайыак кыттыылаахтара Михаил Тимофеев, Мария Старостина, Михаил Неустроев, Руслан Алексеев кыттыыны ыллылар.

Бырайыак кэлэр кэнчээри ыччакка тутуһуланан улэлиирин, аҕам саастаах дьоннорбут үтүө холобурдарын тарҕатыы, үлэҕэ тапталы иҥэрии буоларын, күн бүгүн 1000-тан тахса киһи кэпсээнэ уһуллан бибилэтиэкэ серверигэр харалла сытарын, Амма нэһилиэктэринэн тэтимнээх үлэ бара турарын туһунан  иһитиннэрии онордубут. Салгыы, норуот дьокутаата Александр Корякин бырайыагы салгыы сайыннанарга Ил Түмэн былаһааккатыгар тэрээһин онорорго тэҥҥэ үлэлиэхпит диэн сонун этиитин бырайыак сүрүннээччилэрэ сэҥээрэ,  үөрэ иһиттилэр. Маны сэргэ Александр Иванович эмиэ кыттыһан,  Корякиннар үлэһит династияларын үйэтитэр соруктааҕын эттэ. Валентина Кириллина бу үлэҕэ «Арассыыйа Ийэлэрэ» общественнай  хамсааһын үлэтин бэлиэтээн туран хамсааһын Амма улууһугар салайааччытыгар Оксана Архиповаҕа махтанна уонна чуолаан Амматааҕы хамсааһын өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастыҥнара буоларын бэлиэтээн эттэ. Сергей Сюльскай тыа хаһаайыстыбатын уонна улуустары кытта үлэ хамыыһыйатын салайарын быһыытынан бу бырайыакка  тыа хаһаайыстыбатын  үлэһиттэригэр болҕомто уурарга ыҥырда уонна улуустарынан тарҕатыыга былааннаах үлэ ыытарга бэлэмин иһитиннэрдэ. Салгыы Николай Барамыгин бырайыагы олус биһирээбитин эттэ уонна VКонтакте платформаҕа киллэрэн тарҕаттыаххытын сөп диэн сүбэлээтэ. Биир дойдулаахпыт Сергей Анисимов бэйэтэ эмиэ уһуллубут, герой быһыытынан  салгыы бары хайысханы өйүүрүн иһитиннэрдэ. Түмүккэ Общественнай палата бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Лена Захарова бырайыакпытын Общественнай палата нөҥүө федеральнай таһымҥа таһаарарга үлэлэһиэхпит диэн бырайыак хамаандатыгар улахан соругу туруорда.  Бырайыак партнердара «Амма түмсүү» общественнай тэрилтэттэн Михаил Устинов, Мария Старостина, Михаил Неустроев, Руслан Алексеев кэлэн өйөөннөр, бу проект салгыы бары улуустарынан тарҕанарыгар күүс-көмө буоларга бэлэмнэрин иһитиннэрдилэр. “Төгүрүк остуол” резолюцията Общественнай Палата Сэбиэтигэр  бигэргэнэн Аммабыт  Үлэ сылыгар дьоҥҥо-сэргэҕэ утары уунар үлэтэ салгыы тарҕанарыгар төһүү күүс буолуоҕа.”, — диэн Ньургуйаана Илларионова иһитиннэрдэ.

 

Бырайыак ааптардара Алтан нэһилиэгин көхтөөх далбардара, общественниктара Наталья Борисова уонна Римма Дьячковская көрсүһүүттэн, тахсыбыт кэпсэтииттэн эмиэ астынан, ВКС нөҥүө 16 улуус кыттыбытыттан, саҕалаабыт үлэлэрэ биһирэнэн киэҥ эйгэҕэ тахсарыттан, өйөбүлү ылбытыттан астыннылар, бары кыттыбыт дьоннорго, салайааччыларга махталларын этэллэр.

“Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше