Оройуоннааҕы Сэбиэт элбэх мандаттаах хотугу уокуругун дьокутааттара бэйэлэрин быыбардааччыларын кытта көрүстүлэр. Дьокутааттар ыыта сылдьар үлэлэрин, бюджет, боломуочуйалар уонна да атын боппуруостары сырдаттылар, киирэр ыйытыктарга эппиэттээтилэр.
“Биһиги элбэх мандаттаах хотугу уокуруктан талыллыбыт дьокутааттар этии киллэрэн, бэйэбит быыбардааччыларбытын кытта көрсөн ыытылла турар үлэлэр туһунан билиһиннэрдибит, боппуруостарга эппиэттээтибит. Ол курдук Сулҕаччыттан саҕалаан Бөтүҥҥэ тиийэн түмүктээтибит. Дэлэгээссийэбитигэр улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Колосов, дьокутааттар Валентин Петров, Эльвира Пестерева, Василий Тимофеев бааллар.
Биһиги көрсүһүүбүтүн Сулҕаччы нэһилиэгиттэн саҕалаабыппыт. Манна Сэргэ Бэс бөһүөлэгиттэн кэлэн кыттыыны ылбыттара. Ол кэнниттэн салгыы Соморсуҥҥа, Мээндигигэ, Абаҕаҕа, Бөтүҥҥэ сырыттыбыт. Манна биһиги көрсүһүүнү сэргэ эбийиэктэри эмиэ көрдүбүт. Ол курдук холобура Сэргэ Бэскэ оҕуруот аһын харайар ыскылаакка, Константин Фомин ыанньык хотонугар, Соморсуҥҥа тыа сирин территорияларын кэлимник сайыннарыы федеральнай бырагырааманан тутулла турар, кэлэр ыйга үлэҕэ киириэхтээх култуура киинигэр, Мээндигигэ эмиэ ахсынньы ыйга үлэҕэ киирэр, бэртээхэй спортсааланы киирэн көрдүбүт.
Көрсүһүүлэргэ нэһилиэк актива, дьокутааттар, олохтоохтор сырыттылар. Биһиги кинилэргэ улуус Сэбиэтин үлэтин туһунан, саҥа киирэр боломуочуйалар, уларыйыылар тустарынан билиһиннэрдибит. Ону кытта биллэн туран дьокутаат быһыытынан үлэлэһэ сылдьар үлэлэрбитин сырдаттыбыт. Бары нэһилиэктэргэ киирэр боппуруостар тэҥнэр диэххэ сөп. Ол курдук дьону тыа хаһаайыстыбатыгар киирэр саҥа уларыйыылар, ынаҕы, сылгыны чиптээһин, “балбаах” сокуона, ону кытта олохтоох бэйэни салайыныыга киирээри турар сокуоннар интэриэһиргэтэллэр. Бу боппуруостарга хайдах баарынан эппиэттээтибит. Маннык бэйэбит быыбардааччыларбытын кытта көрсүһүүлэр наадалар эбит диэн бэлиэтээтибит”, — диэн улуус дьокутаата, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Ион Кононов сырдатта.
“Амма олоҕо” хаһыат