Аҕаларга чөл олоҕу, сахалыы остуол оонньуутун көҕүлүүр сыаллаах Амма Наахара нэһилиэгин Е.Григорьев аатынан спортивнай саалатыгар аҕаларга улуустааҕы пятиборье күрэҕэ буолан ааста. Манна бильярд, дуобат, остуол тенниһэ, төрүт ох саанан ытыы, баарыс көрүҥнэрэ киирдилэр.
Күрэҕи Захар Александров баһылыктаах Амма Наахара муниципальнай тэриллии, нэһилиэк Аҕа түмсүүтэ тэрийэн ыытта. Биэстии киһилээх хамаанда, уопсайа 45-с аҕа кэлэн бастыҥы быһаарыстылар. Ол курдук Бөтүҥтэн Егор Борисов, Ньургун Артемьев, Дмитрий Лобанов, Алексей Иванов, Валентин Иванов, Сатаҕайтан Гаврил Орлов, Андрей Аммосов, Вячеслав Шишигин, Петр Соловьев, Егор Андреев, Эмистэн Прокопий Бубякин, Альберт Соловьев, Александр Ларионов, Валентин Николаев, Георгий Нестерев, Чакыртан Алексей Григорьев, Семен Григорьев, Афанасий Максимов, Василий Васильев, Петр Кириллин, Болугуртан икки хамаандаҕа Андрей Федотов, Евгений Кузьмин, Василий Кузьмин, Андрей Петров, Николай Константинов, Петр Петров, Иван Попов, Трофим Окороков, Анатолий Пермяков, Петр Устинов, Өнньүөстэн эмиэ икки хамаандаҕа Иван Пахомов, Захар Александров, Данил Макаров, Николай Гермогенов, Павел Пахомов, Дмитрий Филиппов, Никита Ефремов, Прокопий Пахомов, Валерий Гаврильев, Евгений Пахомов, Владислав Константинов, Мичил Ефремов, Павел Пахомов, Павел Михайлов, Спиридон Никифоров күрэххэ кытыннылар. Бильярдка 10 мүнүүтэҕэ пирамиданан, теннискэ буоларын курдук утары киирсии, дуобакка 10 мүнүүтэҕэ уонна баарыска кыайыы эргииринэн, ох саанан ытыыга 25 миэтэрэҕэ куобахха 1 баал, куска 2 баал, тииҥҥэ 3 баал ааҕылынна. Күрэххэ урбаанньыттар «Быйан», «Байыыка» уонна «Чараҥ» маҕаһыыннар, нэһилиэк тэрилтэлэрэ бириис олохтоотулар. Муҥутуур кыайыылаахха «Өнтө» туристическай база хаһаайына, эдэр урбаанньыт Эдуард Михайлов уу харчынан 20000 солкуобайы туруорда. Аҕаларга Оксана Пахомова, Мотрена Гермогенова ас астаан атыылаатылар. Судьуйаларынан Михаил Романов, Людмила Александрова, Мария Заборовская, Петр Шестаков таһаарыылаахтык үлэлээтилэр. Бастыҥтан бастыҥы быһаарарга аҕалар бэйэ-бэйэлэрин кытта утары кииристилэр.
Тыҥааһыннаах киирсиилэр кэннэ муҥутуур кыайыылааҕынан Амма Наахараттан Иван Пахомов таҕыста уонна сүрүн бириис хаһаайынынан буолла. Онтон хамаанданан түмүккэ маҥнайгы миэстэни Амма-Наахара нэһилтэгин бастакы хамаандата ылары ситистэ. Иккис миэстэни Бөтүҥ аҕалара ылан үөрдүлэр. Үһүс миэстэни Амма Наахара иккис хамаандата тахсан ситиһиини сиэттилэр. Маннык чөл олоҕу көҕүлээн аҕалары түмэр күрэхтэр ыарахан үлэ кэннэ сынньалаҥы, бэйэ-бэйэҕэ истиҥ сыһыаны үөскэтэр, хас биирдии киһиэхэ доҕоттору көрсөн бөҕө тирэхтиир.
Ирина КОРЯКИНА-ОЛЕСОВА