Улуус кэрэ аҥардара волейболга күрэхтэстилэр

Амма Наахара нэһилиэгэр улуус дьахталларын волейболга күрэҕэ буолан ааста. Күрэхтэһии «Арассыыйа Бочуотунай донора» бэлиэ хаһаайката, үлэ уонна спорт бэтэрээнэ, СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна Чен  Марианна 65  сааһыгар уонна Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн сылыгар ананан ыытылынна.


Волейбол кыра оҕотуттан саҕалаан улахан дьон сөбүлээн оонньуур спорт көрүҥнэриттэн биирдэстэрэ буолар. Амма Наахара нэһилиэгэр спорт бу көрүҥүн өрө туталлар, сөбүлээн дьарыктаналлар. Ол курдук  нэһилиэк кырдьаҕастарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, «Чэлгийээнэ» эбэлэр ырыа ансаамбылын салайааччыта, “Дуораанчык” уһуйаан ырааска инструктора,  нэһилиэк «Эгэлгэ» коллекционердарын  түмсүүтүн  биир бастыҥ чилиэнэ, Арассыыйа бочуоттаах донора,  үлэ уонна спорт бэтэрээнэ, СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна, волейболу өрө туппут, тапталлаах ийэ, эйэҕэс эбэ Марианна Никаноровна Чен 65-с сааһыгар уонна Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн сылыгар аналлаах улуус иһинэн волейболга дьахталларга аһаҕас күрэх бэрт сэргэхтик ааста.

Үөрүүлээх чааһы «Түмэн» сынньалан киин үлэһиттэрэ иилээн-салайан ыыттылар. Күрэҕи нэһилиэк аҕа баһылыга Захар Александров эҕэрдэ тылынан аста уонна  Марианна Никанорованҕа  “Амма Наахара нэһилиэгин спордун сайдыытыгар кылаатын иһин” бэлиэни,  ону сэргэ Амма улууһун дьаһалтатын, спорт салаатын аатыттан Махтал суругу  дохсун ытыс тыаһын доҕуһуолугар туттарда. Хамаандалар бэлиэ күн хаһаайкатыгар эҕэрдэ тылларын, бэлэхтэрин ууннулар. Ахсыс төгүлүн ыытыллар күрэххэ халлаан тымныйан эрэрин аахсыбакка, тэйиччи сытар Бөтүҥ, Чакыр Покровкалыын, Болугур нэһилиэктэриттэн кэлэн кыттыыны ыллылар. Өнньүөстэр икки хамаанда туруордулар. Күрэх хамаандалары барыларын күөн көрүһүннэрэр сыалтан круговой системанан нэһилиэк спортсаалатыгар ыытылынна. Күрэхпит кылаабынай судьуйата  Михаил Романов, кылаабынай сэкэрэтээринэн Мария Заборовская, комментаторынан Людмила Александрова үлэлээтилэр. Людмила Трофимовна хас биирдии волейболиһы билиһиннэрэн, бэйэтэ волейболга сыһыаннаах буолан бэрт сэргэхтик комментарийдаата.

Финал бэрт чаҕылхай буолла. Ол курдук бастакы миэстэни былдьаһыыга Бөтүҥ уонна Чакыр, Покровка холбоһуктаах хамаандалара күөн көрүстүлэр. Күүстээх биэриилээх, быһыылаах, бэрт күөрэтээччилээх кэрэ аҥардар эрийсиилээх оонньууну көрдөрдүлэр. Икки партияны кыайан Марианна Борисова хапытааннаах Бөтүҥ нэһилиэгин хамаандата эрэллээхтик кыайыы өрөгөйүн биллэ.

Иккис миэстэҕэ Наталья Матвеева хапытааннаах Чакыр Покровкалыын хамаандата таҕыста. Үһүс миэстэ Мария Пахомова хапытааннаах «Амма Наахара-1» хамаандата, төрдүс миэстэ Зоя Аммосова хамандыырдаах «Болугур» хамаандата, бэһис Сардаана Лебедева салайар «Амма Наахара-2» хамаандата буолла.

Күрэхпит түмүктэнэн, анал ааттары тэрийээччилэр быһааран, спонсордар элбэх бирииһи туруоран үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардылар. Ол курдук кыайыылаахтар кыһыл, үрүҥ, боруонса мэтээллэри кэттилэр. Ону таһынан Бөтүҥтэн 5-с оҕолоох эдэр ийэ Майя Сергеева Амма улууһун «Арассыыйа ийэлэрэ»  түмсүү туруорбут “Элбэх оҕолоох оонньооччу”, Марианна Неверова «Дуораанчык» уһуйаан туруорбут «Бастыҥ оонньооччу», Ида Назарова юбиляр Марианна Никаноровна туруорбут “Бастыҥ нападающай” анал ааттары, бириистэри ылан ситиһиилиин сиэттистилэр. Болугуртан Туяра Шестакова “Бастыҥ нападающай”, Зинаида Филиппова успуорду өрө тутар Гаврильевтар дьиэ кэргэттэрэ туруорбут “Бастыҥ көмүскээччи”, Наталья Матвеева Амма Наахара нэһилиэгин дьаһалтата туруорбут «Бастыҥ холбооччу», Покровкаттан Ольга Макарова барыга көхтөөх Александровтар дьиэ кэргэн туруорбут “Бастыҥ бомбардир” уонна 5000 сертификаты, Чакыртан Мария Кириллина юбиляр племянниктара туруорбут “Бастыҥ оонньооччу” анал ааттары, бириистэри тутан үөрүү өрөгөйдөннүлэр. Онтон Амма Наахараттан Марианна Чен медучилищеҕа бииргэ устудьуоннаабыт доҕотторо туруорбут бириистэрин Сардаана Чемезова,  Анастасия Александрова олохтоох балыыһа анаабыт «Бастыҥ оонньотооччу», Людмила Алексеева “Эгэлгэ” коллекционердар түмсүүлэрэ туруорбут «Волейбол бэтэрээнэ», Надежда Ефремова Үлэ Дьоруойа П.И.Яковлев аатынан орто оскуола коллектива анаабыт «Бастыҥ биэрээччи» анал ааты тутан волейбол олохторун аргыһа буолбутун нэһилиэктэрин дьонугар дакаастаатылар.

Бу дьоро күн  Марианна Никаноровнаҕа элбэх эйэҕэс тыл, баҕа санаа ананна, сэмэй соһуччу бэлэхтэр, эҕэрдэ суруктар туттарылыннылар. Волейболу биһириир, өрүү сэҥээрэр дьонугар-сэргэтигэр юбиляр «Спорт күүс-кыах, биһирэбил буолан кэлэр кэнчээри ыччаппытын кэрэҕэ, сырдыкка угуйдун!» — диэн баҕа санаатын тириэрдэн волейбол күрэҕин түмүктээтэ.

Ирина КОРЯКИНА-ОЛЕСОВА

Читайте дальше