Улуус сайдыытыгар уһун болдьохтоох былаан оҥоһуллар

Амма улууһугар СӨ судаарыстыбаннай былааһын ситэриилээх уорганнарын бэрэстэбиитэллэрэ кэлэн бардылар. Кимнээх, тугу дьүүллэһэн бардылар?


СӨ экэниэмикэҕэ миниистирин солбуйааччы Иван Елисеев, СӨ тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистирин солбуйааччы Ольга Рафаилова, автомобильнай тырааныспар уонна пассажирдары уонна таһаҕаһы таһыы эйгэтигэр судаарыстыбаннай хонтуруол Департаменын салайааччытын солбуйааччы Софья Кузьмина, СӨ Үп министиэристибэтиттэн Ирина Корнилова уонна “СӨ судаарыстыбаннай сакаасчыт сулууспата” ГКУ үтүө дьыалаҕа салаатын начальнига Алексей Петров кэлэн үлэлээн бардылар. Оробуочай бөлөх биир сүрүн сыалынан быйылгыттан улуустар социальнай –экэнэмиичэскэй сайдыыларын былааныгар саҥа киирэр уларыйыылар тустарынан билиһиннэрии буолар.


“Урут эрдэ тыа сирин кэлимник сайыннарыы диэн бырагыраама баара. Билигин бу бырагырааманы саҥа көрүҥүнэн оҥоруу бары Арассыыйа регионнарынан бара турар. Ол быһыытынан хас биирдии улуус бэйэтин өр сыллаах сайдыытын былаанын оҥоруохтаах. Былааҥҥа тирэх нэһилиэнньэлээх пууннар уонна киниэхэ сыста турар территориялар баар буолуохтаахтар. Биһиги улууспутугар оннук тирэх нэһилиэнньэлээх пуунунан Амма нэһилиэгэ буолар. Онтон атын нэһилиэктэр киниэхэ сыста турар территориялар диэн ааттаналлар. Дьэ бу былааны оҥорууга биһиги туһааннаах министиэристибэлэри кытта үлэлээтибит. Уһун болдьохтоох былааҥҥа тутуулар, инвестиционнай бырайыактар, улуус бэйэтин характеристиката, инфраструктурата уонна да атын хайысханан сайдыы тосхоллоро киирэллэр. Өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэҕэ миниистирин солбуйааччы Иван Елизарович Елисеев Амма улууһун былааныгар туох киирбитин билиһиннэрдэ. Онно холобура 2031 сылга диэри үөрэх, доруобуйа харыстабылын, олох –дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатын, тыа хаһаайыстыбатын эйгэлэригэр, суолга ханнык туох тутуулар барыахтарын туһунан кылгастык кэпсээтэ. Бу уһун болдьохтоох былаан 2025 сылтан саҕаланыахтаах. Кулун тутар 27 күнүгэр саҥа ылыныллыбыт былааммытын анал хамыыһыйа иннигэр көмүскүөхтээхпит. Дьэ ол кэнниттэн барыта сөп буоллаҕына, салгыы Арассыыйаҕа баран, бу былаанынан сайдыы тускулун тутуохтаахпыт. Уопсайынан бу саҥа ылыллар былаан социальнай –экэнэмиичэскэй сайдыы былаанын курдук эрээри, хайысхата инфраструктура сайдарын өттүнэн барар, холобура, улууска улахан социальнай эбийиэктэрин уонна тутууну өрөмүөннээн чөлүгэр түһэрии буолар, — диэн улуус экэниэмикэҕэ управлениетын салайааччыта Ольга Слепцова билиһиннэрдэ.

«Амма олоҕо» хаһыат