Амма улууһун ойуурун хаһаайыстыбатын салайааччыта Николай Иванов биллэрбитинэн, бэс ыйын 11 күнүн туругунан бэҕэһээ 8А баһаар Болугур нэһилиэгиттэн 31 км сиргэ таҕыста. Биричиинэтэ — кураанах этиҥ. Эрдэ тахсыбыт 6А уонна 7А баһаардар тохтотуллуннулар. Күн бүгүн Амма Наахара нэһилиэгиттэн 40 км сиргэ тахсыбыт 5А нүөмэрдээх баһаар иэнэ 50 гаҕа тиийдэ.
“Күн бүгүн улуус территориятыгар улахан иэннээх баһаарбыт Амма Наахараттан 40 км сиргэ баар. Манна булуллубут иэнэ 3 га эбит эбит буоллаҕына, сарсыарда 8 чаастаах туругунан 50 га буолла. Ол иһигэр 10 гата үөһээнэн буола турар. Баһаары умулларыыга Амматааҕы авиаотделение 12 парашютиһа уонна 17 десантнига үлэлии сылдьаллар. Итини сэргэ бэҕэһээ эбии күүс быһыытынан “Якутлесресурс” тэрилтэттэн байыастар уонна Уус Майа улууһун авиаотделениетыттан 5 парашютист уонна Дьокуускай куораттан авиаотделение 5 парашютиһа тиийбиттэрэ. Онон уопсайа бу 5А нүөмэрдээх баһаары умулларыыга 53 киһи үлэлии сылдьар. Манна эбии бүгүн Амма Наахара уонна Болугур нэһилиэктэриттэн уоннуу киһини ыытаары бэлэмнии сылдьабыт. Ону кытта Дьокуускайтан М-8 бөртөлүөт умулларыыга кэлиэхтээх. Бэс ыйын 10 күнүгэр күнүс 13 чаас 25 мүнүүтэҕэ Болугур нэһилиэгиттэн 31 км сиргэ 8А нүөмэрдээх баһаар булулунна. Иэнэ 2 га. Бу баһаар бүгүн 8 чаас туругунан 12 га буолла. Аһаҕас уота тохтотуллубут. Баһаар булуллаатын кытта сотору кэминэн манна Уус Майа улууһун авиаотделениетыттан 5 парашютист тиийбитэ. Ону таһынан Амматтан КАМАЗ трал ДТ-75 тыраахтыры илдьибитэ. Итини сэргэ Болугур нэһилиэгиттэн 5 киһи мобилизацияланан барбыттара. Ону таһынан Болугур баһаарынай этэрээтиттэн 5 байыас, Уус Майаттан “Якутлесресурс” тэрилтэттэн 8 үлэһит, 6 десантник Уус Майаттан кэлбиттэрэ. Тахсыбыт баһаардартан 6 А уонна 7 А нүөмэрдээх баһаардар умуруорулуннулар”, — диэн ойуур хаһаайыстыбатын салайааччыта Николай Иванов сырдатар.
“Амма олоҕо” хаһыат