Улуус түмэлин аата, хайысхата уларыйыыта – бириэмэ бэйэтин ирдэбилэ

Амма улууһун аактабай саалатыгар Саха сиригэр гражданскай сэрии историятын кэпсиир түмэл аата уларыйыытыгар сүбэ мунньах ыытылынна. Мунньаҕы улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Ньургуйаана Илларионова салайан ыытта.


Бу улууспутугар биир ураты суолталаах тэрээһин мунньаҕар кыттыыны кыраайы үөрэтээччилэр, история учууталлара, нэһилиэккэ баар түмэллэр салайааччылара, туризмынан дьарыктанааччы урбаанньыттар, историяны сэҥээрээччилэр  ыллылар. Мунньахха икки боппуруос бэбиэскэҕэ киирдэ. Ол курдук “Раритеты Якутии- Раритеты Амгинского  улуса” диэн улахан сэдэх экспонаттары кэпсиир кинигэ-альбом, ону сэргэ “Электронный каталог исторических, сакральных и природных памятников Амгинского региона” диэн бырайыак туһунан Ньургуйаана Илларионова билиһиннэрдэ, хайдах-туох үлэ ыытыллыбытын, ыытылла турарын кэпсээтэ. Бу кэнниттэн Амма улууһун Саха сиригэр гражданскай сэрии историятын түмэлин дириэктэрэ Айантай Байдам Алгыс уола түмэл аатын уларытыы туһунан билиһиннэрдэ, ханнык -туох санааттан маннык быһаарыыга кэлбиттэрин быһаарда.

“Биһиги улууспутугар олус элбэх ыалдьыт кэлэн барар, түмэлгэ кэлэн сылдьар. Онно кинилэр бу гражданскай сэрии историятын түмэлэ тоҕо кыраайы үөрэтэр түмэл буолбатаҕый, тоҕо оннук түмэлгит  суоҕуй диэн ыйытар этэ. Ону сэргэ дьону да кытта кэпсэттэххэ кэнники кэмҥэ үгүс киһи итинник санаалааҕын биллэрдэ. Онон дьон санаатын истэн маннык аата уларыйыан, ону кытта кини хайысхата кэҥиэн сөп эбит. Ол гынан баран гражданскай сэрии биһиги историябыт сорҕото буолар. Онон кини бэйэтэ туспа салаа буолан хаалар. Биһиги фондабытыгар күн бүгүн 3850 фондалаахпыт. Ол Покровкаҕа баар сири оҥорууга анаммыт филиалбытын киллэрбэккэ туран. Мантан гражданскай сэриигэ анаммыта 604 экспонат. Ол эбэтэр баара эрэ 15, 7 бырыһыан. Бу манан даҕаны кини билиҥҥи аатыгар сөп түбэспэт. Түмэлбит экспонатынан кыраайы үөрэтэр музей статуһугар эппиэттиибит. Дьиҥинэн бу быһаарыыны учредитель кэлэктииби кытта бэйэтэ быһаарар кыахтаах, бырааптаах даҕаны. Ол эрээри биһиги маннык улууска суолталаах боппуруоһу көннөрү оннук быһаарбакка, бар дьоммутун, улуус олохтоохторугар дьүүлгэ таһааран ылынар наада диэн санааттан кэпсэтии ыыппыппыт үһүс төгүлэ”, — диэн этэр Айантай Байдам Алгыс уола.

Сүбэ мунньах икки чаас устата тиҥиргэччи барда. Элбэх киһи санаатын үллэһиннэ, этиитин киллэрдэ. Ол курдук убаастанар кыраайы үөрэтээччилэрбит, түмэллэр салайааччылара, бэйэлэрэ историяны интэриэһиргээн үөрэтээччилэр кытыннылар уонна бука бары биир санаанан түмэл аата уларыйара уолдьаспытын, бу бириэмэ ирдэбилэ буоларын эттилэр. Кини маннык ааттанара оччотооҕуга эмиэ бириэмэ ирдэбилэ буоларын, оннук сыалын-соругун ситиһэн кэлбитин бэлиэтээтилэр. Мунньахха бэртээхэй этиилэри улуустааҕы бэтэрээннэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Мария Захарова, кыраайы үөрэтээччи Мээндигиттэн Михаил Алексеев, Бөтүҥтэн Алексей Нестерев, Болугуртан Тимофей Тимофеев, Абаҕаттан Маргарита Смитина, Амматтан Роман Алексеев, маны сэргэ Абаҕа нэһилиэгин баһылыга Максим Семенов, Мээндиги нэһилиэгин баһылыга Илья Семенов, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Клара Романова, Амма 1№-дээх оскуола кыраайы үөрэтэр түмэлин салайааччыта Вера Бессонова, Амма лиссиэйин дириэктэрэ Дария Захарова, саха тылын учуутала Мария Ноговицына, Амматааҕы оҕо спортивнай оскуолатын түмэлин салайааччыта, улуустааҕы уопсастыбаннай Сэбиэт чилиэнэ Виктория Владимирова, кииннэммит бибилэтиэкэ дириэктэрэ Прокопий Прокопьев оҥордулар. Ол курдук кылгастык ылан эттэххэ, түмэли аҥардас кыраайы үөрэтэр эрэ диэбэккэ историяны эмиэ эбиэххэ, түмэл комплекса да диэххэ, эдэр кыраайы үөрэтээччилэри булар, тардар инниттэн интеллектуальнай оонньуулары ыытар, кулууптары тэрийэр наадатын, историяны сырдатар буклеттары оҥоруохха, Саһыл Сыһыы комплексын сыа-сым курдук тутан, манна буолбут кыргыһыы судаарыстыбаннаһы олохтооһуҥҥа суолталааҕын өйдөөн өрөспүүбүлүкэ таһымнаах оҥоруохха, оскуола түмэллэрин кытта тэҥҥэ үлэлиэххэ диэн уонна да атын этиилэри оҥордулар. Маныаха лиссиэй дириэктэрэ Дария Захарова Судаарыстыбаннас күнүгэр Саһыл Сыһыыга тахсан тэрээһини ыытар тоҕо сатамматый диэн бэрт сөпкө бэлиэтээтэ. Маны улуус салалтата болҕомтоҕо ылан олоххо киллэриэн сөп.

“Олус үчүгэй кэпсэтии буолла. Биһиги чахчы эппиттэрин курдук түмэл аата уларыйыытын хайа баҕарар быһааран кэбиһэр кыахтаах этибит. Ол гынан баран убаастанар кыраайы үөрэтээччилэрбит, историктар санааларын хайаатар да истэр наадалаах диэн маннык кэпсэтиини тэрийбиппит. Бэртээхэй этиилэр киирдилэр. Маны барытын биһиги үөрэтиэхпит. Саһыл Сыһыы комплексын биһиги кини тутуллаатын кытта өрөспүүбүлүкэ таһымнаах оҥороору кэпсэтиини ыытан барбыппыт. Хомойуох иһин улуус нэһилиэнньэтин ахсаанынан норматив оҥоһуллар. Ол быһыытынан биһиги улууспутугар биир түмэл уонна биир филиал эрэ көрүллэр. Онон бу боппуруос кыаллыбакка турар. Биллэн туран биһиги гражданскай сэриибит историятын болҕомтото суох хаалларбаппыт. Бүгүн кэлэн кэпсэтиигэ кыттыбыт, бары санааларын эппит дьоҥҥо дириҥник махтанабыт. Өссө киэҥ түмүктүүр кэпсэтии улуус нэһилиэктэрэ барыта кыттыылаах сэтинньи 15 күнүгэр былааннанар. Онно кэлэн эмиэ санааларын этиэхтэрин, тириэрдиэхтэрин сөп”, — диэн улуустааҕы култуура уонна норуот айымньытын управлениетын салайааччыта Иван Иванов түмүктүүр тылыгар эттэ.

“Амма олоҕо” хаһыат

 

 

Читайте дальше