Амма улууһун тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын кылаабынайа агронома Николай Гаврильев иһитиннэрбитинэн от ыйын 10 күнүн туругунан улуус үрдүнэн 297 тонна от оттонно.
Быйыл окко киирии урукку сыллар курдук от ыйын 1 күнүттэн саҕаламмыта. Манна улуус баһылыга Степан Кузьмин анал дьаһала тахсыбыта. Быйыл сорох нэһилиэктэргэ ардахтар түһэннэр, от үүнүүтэ үчүгэй. Ол эрээри сорох эҥэр курааннаан эрэр диэн исписэлиистэр этэллэр.
“Күн бүгүн окко уопсайа 202 тыраахтыр, 156 звено, 390 киһи үлэлии сылдьаллар. От ыйын 10 күнүн туругунан 964 гектар охсуллунна, 297 тонна бэлэмнэннэ. Ааспыт сыл бу кэмигэр улуус үрдүнэн 66 тонна от кэбиһиллибитэ. Онон көрдөрүү билиҥҥитэ үчүгэй”, — диэн этэр Николай Степанович.
Улуус үрдүнэн 297 тонна кэбиһиллибит эбит буоллаҕына, ити иһигэр хаһаайыстыбалар 90 тонна, бааһынай хаһаайыстыбалар 64,5 тонна уонна чааһынайдар 142, 5 тонна оту бэлэмнээтилэр.