Улууспут аатын түһэн биэрбэтибит

Бу күннэргэ Дьокуускай куоракка Арассыыйаҕа биллэриллибит Педагог уонна наставник, Саха сиригэр физкультурнай хамсааһын саҕаламмыта 100 сылларыгар анаммыт  бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи педагогическай Спартакиада ыытылынна. Бу улахан күрэххэ Амма улууһун хамаандата ситиһиилээхтик кытынна.

Спартакиадаҕа барыта 14 хамаанда, ол иһигэр 11 улуус, Дьокуускай куорат, үөрэх министиэристибэтин уонна орто үөрэх тэрилтэлэрин сүүмэрдэммит хамаандалара спорт 7 көрүҥэр: эр дьоҥҥо уонна дьахталларга волейболга, дуобакка, саахымакка, остуол тенниһигэр, ытыыга, хабылыкка уонна хаамыскаҕа, канаат тардыһыыга ким бастыҥын быһаарсан илин-кэлин түһүстүлэр.

Спартакиада арыллыытыгар кыттааччылары өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин миниистирэ Ирина Любимова, үөрэх үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын рескомун бэрэссэдээтэлэ Янина Щепанская, күрэхтэһии кылаабынай судьуйата Владислав Черов эҕэрдэлээтилэр.

Амма улууһун хамаандата спартакиада бары көрүҥнэригэр 33 спортсмен састааптаах кытынныбыт. Ордук үчүгэй түмүгү волейболист уолаттарбыт уонна кыргыттарбыт, дуобатчыттарбыт ситиһэн ити көрүҥнэргэ бастакы миэстэ, остуол тенниһигэр 2-с буоллубут. Ытыыга 5-с, канат тардыһыытыгар 6-с, сахалыы остуол оонньууларыгар хабылыкка уонна хаамыскаҕа 9-с, саахымакка 10-с миэстэ. Спартакиада балаһыанньатын быһыытынан, түмүк биирдиилээн буолбакка, хамаанданан эрэ таҕыста.

Күүрээннээх күрэхтэһиилэр түмүктэринэн төрдүс миэстэни Уус-Алдан, үсүһү Чурапчы, иккиһи Амма уонна маҥнайгы миэстэни Мэҥэ Хаҥалас хамаандалара ыланнар Илин Эҥэр улуустара Саха сиригэр физкультура уонна маассабай спорт сайдыытыгар инники күөҥҥэ сылдьалларын өссө төгүл арылхайдык дакаастаатылар.

Спартакиадаҕа кыттыбыт бары спортсменнар ааттарыттан улуус хамаандата спартакиадаҕа ситиһиилээхтик кыттарыгар сүүрбүт-көппүт салайааччыларбытыгар, улуус үөрэҕин үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын кэмитиэтигэр, тиэйбит-таспыт суоппардарбытыгар махталбытын тиэрдэбит.

Прокопий БЫТЫРОВ.

Читайте дальше