Уопсастыбаннай Сэбиэт маҕаһыыннарга бэрэбиэркэлэри ыытыа

Амма улууһун дьаһалтатын аактабай саалатыгар уопсастыбаннай Сэбиэт уочараттаах мунньаҕа буолан ааста. Мунньаҕы сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Степан Бурнашов салайан ыытта.

Уочараттаах мунньахха Сэбиэт саҥа чилиэннэригэр  дастабырыанньалары туттардылар. Ол курдук Владимир Колосов улуус дьокутаата буолан Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн таллыллан, сэкэрэтээр Анна Артемьева  Дьокуускай куоракка атын үлэҕэ барбытынан  састааптан тахсыбыттара. Онон кинилэр оннуларыгар Андрей Окороков  уонна сэкэрэтээринэн  Вероника  Николаева киирдилэр.

Мунньах бэбиэскэтигэр  үс  боппуруос киирдэ. Ол курдук “Ыччат” кыбаарталыгар тутулла турар хочуолунай  тутуута бытаарбытын,   манна 42 ыал киин ититэр ситимҥэ холбонуохтаахтааҕа боппуруос буолбутун, онон манна көмө наадатын туһунан олохтоохтортон  сурук киирбит. Манна  олох-дьаһах, тутуу уонна предпринимательство хамыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Окороков иһитиннэрии оҥордо. Сэбиэт чилиэннэрэ  бу боппуруоһу хонтуруолга ыларга сүбэлэстилэр. Салгыы маҕаһыыннарга болдьохторо тахсыбыт, сыаналара үрдэтиллибит бородуукталар  баалларыгар бэрэбиэркэни ыытыы туһунан кэпсэттилэр. Санатан эттэххэ уопсастыбаннай Сэбиэт улуус борокуруорун Михаил Николаевы кытта бииргэ үлэлээһиҥҥэ, гражданнар интэриэстэрин харыстааһыҥҥа бииргэ үлэлэһиигэ Сөбүлэҥ түһэрсибиттэрэ. Онон былаан оҥостон маҕаһыыннарга Сэбиэт чилиэннэрэ хонтуруоллуур бэрэбиэркэлэри ыытыахтара. Түмүккэ улууска национальнай бырайыактар хайдах олоххо киирэн эрэллэрин, бу бырайыактар көмөлөрүнэн туох ситиһии баар буолбутун көрдөрүүгэ мониторинг оҥоһуллуутун туһунан кэпсэттилэр.  Бу боппуруоһунан Сэбиэт  уочараттах мунньахтарыгар эбэтэр миэстэтигэр тиийэн  көрөргө  этии киирдэ.

“Амма олоҕо” хаһыат