Уот барыытын сүрүн биричиинэтэ – подстанция уонна линия эргэриилэрэ

Бэҕэһээ күнүс 12 чаастан саҕалаан Амма киин өртө уот суох олордо. Киэһэ хойутуу кэлэн баран эмиэ түүн 12 чааска арахсан, бүгүн эбиэттэн киэһэ эрэ кэллэ. Онон дьон-сэргэ айманара оруннаах. Арахсыы түмүгэр 1800 киһи, 7 социальнай эбийиэк уота суох олордулар. РЭС үлэһиттэрэ түүннэри өрөмүөн үлэтигэр сырыттылар. Туох биричиинэттэн маннык уот өр кэмҥэ арахсыбытын билээри Амматааҕы РЭС начальнига Сергей Антипиҥҥа тиийэ сырыттыбыт.

“Бэҕэһээ киэһэ ЛЭП-МСО 10 кВ-таах линия ардах түһэн алдьана сырытта. Кини “АСОШ-1 КТП” подстанцияҕа холбонон турар. Бу подстанция ааспыт үйэ 80-с сылларыгар тутуллубут таас улахан подстанция буолар. Тутуута эргэрэн, хайыта баран, икки күнү быһа түспүт күүстээх ардахха тэһиннэ. Ол түмүгэр 10-кВ-таах линияҕа алдьаныы таҕыста. Маны сэргэ бу линияҕа баар “ЖКХ” диэн эмиэ эргэ подстанцияҕа изолятора алдьанан арахсыы буолбута. Бу саахалы булуу уустук. Ыллын да булбаккын. Биһиги үлэһиттэрбит бэҕэһээттэн быһа 8 км курдук линияны барытын сатыы хааман көрөн, саахалы туоратарга үлэлээтилэр. Ону сэргэ Абаҕаҕа эмиэ саахал тахсан, ону туоратан кэллилэр. Билигин аны ЛЭП Өлөннөөх учаастагар Чакырга эмиэ саахал тахсыбытын туората сылдьаллар. Билигин АСОШ-1 подстанциятын өрөмүөҥҥэ таһаардыбыт. Күнүс икки биригээдэ үлэлээтэ. Саахал тахсыытын өссө биир биричиинэлэринэн маннык күһүҥҥү кэмҥэ полдстанцияҕа иттэ диэн куоскалар, суордар киирэн короткай замыкание онороллор. Уот бара-бара кэлиитэ ити боруобалаан холбооһуну оҥороллор. Ол түмүгэр атын алдьаныы баарын булан ылаллар. Электриктэр барытын сатыы хааман көрдүүллэр. Онон уоту холбооһун уһуон сөп, — диэн Сергей Владимирович быһаарда.

Кини бэлиэтээн эппитинэн, бу тахсыбыт саахал мантан күһүн буолуо суохтаах. Күһүн сайыҥҥы курдук курулас күүстэээх ардах түһэн, эргэрбит подстанция тэстэн бу саахал таҕыста. Онон инникитин подстанция үчүгэй өрөмүөнү барара ирдэниллэр. Онтон кыһынын хочуолунайдарга баар дизеллэр саахала суох үлэлиэхтэрин наада. Оччотугар тоҥуу-хатыы тахсыа суоҕа.

“Амма олоҕо” хаһыат