Амма Наахара нэһилиэгин «Эгэлгэ» коллекционердар түмсүүлэрэ «Түмэн» сынньалан кииҥҥэ Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин 106 сылынан «Чымадаан кистэлэҥэ» диэн ааттаан ретро быыстапка тэрийдилэр.
Быыстапка сүрүн сыалынан дьиэҕэ олорор аҕа саастаах дьону түмүү, эдэр ыччакка урукку туттар тэриллэри көрдөрүү, ыччаты аҕа саастаах дьонтон холобур ылан эппиэтинэстээх буолууга сирдээһин, ааспыт олоххо убаастабылы иҥэрии, барыга харыстабыллаах сыһыан олохпут биир тутула буоларын өйдөтүү буолла. Быыстапкаҕа 14 киһи кытынна. «Чымадаан кистэлэҥэ» ретро быыстапкаҕа 5 анал аат туттарылынна. «Сэдэх маллаах чымадаан» анал ааты Мария Александровна Яковлева ылла. Мария Александровна урукку кэмҥэ элбэхтик туттуллар таҥас куулу, таҥас сууйар дуоскалары о.д.а. аҕалбыт. «Кичэллээх хаһаайка» анал аат Акулина Михайловна Устиноваҕа тигистэ. Акулина Михайловна коллекцията орун-оннугар уурбут-туппут курдук. Манна «Молодая гвардия», «Пионерка», «Комсомол», «Политбюро салайааччылара» открытка набордара о.д.а. барыта баар. Маны көрөн туран Сэбиэскэй Сойуус олоҕун, үлэтин-хамнаһын киһи көрөн ааспыты ахта саныыр.
Бу быыстапкаҕа Нина Романовна Гаврильева кыра оҕо кирзовай саппыкытын, Ольга Николаевна Григорьева эһэтин чымадааныгар эһэтэ тутта сылдьыбыт тэриллэрин уган аҕалан «Үйэлээх чымадаан» анал аат хаһаайката буолла. Өрүү бары күрэхтэргэ актыыбынай кыттааччы, нэһилиэк тарбаҕар талааннаах Далбар хотуна Виктория Николаевна Егорова кып-кыра куукулаттан саҕалаан араас элбэх куукулалары, оонньуурдары аҕалан быыстакаҕа туруорда уонна «Эдэрдии эрчимнээх» диэн анал ааты ылла. «Эгэлгэ» түмсүү салайааччыта Лариса Ивановна Унарова ийэтэ тутта сылдьыбыт малларын: иистэнэр иннэтин, сабын, кыптыыйын, маллаах иһитин, ийэтэ илиитинэн аспыт быысапкаларын, аҕата туттубут тэриллэрин: баттах кырыйар массыынка, баабыл бүрүө чаһыы аҕалбыт. Өссө урукку сабо бачыыҥка баар. Лариса Ивановна «Аптаах чымадаан» анал ааты ылла. П.И.Яковлев аатынан оскуола түмэлин салайааччыта Наталья Николаевна Ефремова Кузьмина Александра Прокопьевна улахан чымадааныгар музейтан букубаар, суруктаах блокноттары, мас оскуолаҕа туттуллубут пеналы, суруйар бөрүөнү киллэрбитэ быыстапканы олус киэргэттэ. Үгүс элбэх ааспыты санатар, хас биирдии киһиэхэ сылаас төрөппүт илиитинэн туттубут маллара ааспыты санаттылар, дууһаҕа сылаас иэйиинэн сыдьаайдылар. Бу үөрүүлээх күҥҥэ нэһилиэк «Чэлгийээнэ» эбээлэрин түмсүүтүн салайааччыта Марианна Никаноровна Чен чымадаан туһунан викторина ыытта. Быыстапка кыттыылаахтара элбэҕи биллилэр.
Түмүккэ Өрөгөйдөөх Өктөөп күнүнэн «Сэтинньи сэттистиир» ырыа ылланна, ис сүрэхтэн тахсар иэйиилээх дорҕоон чымадаан кистэлэҥин кытта үөрбүттүү ньиргиэрэ иһилиннэ.
Ирина Корякина – Олесова.