Урукку үөрэх тэриллэрэ оҕолору сөхтөрдүлэр

Үлэ Дьоруойа П.И. Яковлев аатын сүгэр Амма Наахара орто оскуолатын музейыгар нэһилиэк олохтоохторугар уонна үөрэнээччилэригэр уһуйааччы уонна аҕа сүбэһит сылын чэрчитинэн үөрэххэ аналлаах быыстапка тэрилиннэ.

Манна оскуолаҕа үлэлээбит учууталлар тустарынан, оскуоланы төрүттээбит бастакы үөрэхтээхтэр, ситиһиилээх учууталлар тустарынан истиэндэлэр, араас кэмнэргэ үөрэммит выпускниктар альбомнара, урукку үөрэх тэриллэрэ уо.д.а. экспонаттар турдулар. Түмэл салайааччытынан быйылгы үөрэх сылыгар учуутал идэлээх, муниципальнай сулууспа туйгуна, бэтэрээнэ Наталья Николаевна Ефремова үлэлиир. Наталья Николаевна ыыппыт музейнай уруоктара олус интэриэһинэйдик аастылар. Оскуола үөрэнээччилэрэ Таҥхаҕа арыллыбыт бастакы оскуола, биир дойдулаахпыт Захар Яковлев урукку кэмҥэ Парижка үөрэммитин туһунан сэргээн интириэһиргии иһиттилэр. Октябренок, пионер, комсомол диэн тыллары билэллэрин, учууталлар, дьиэлэригэр эбэлэр, эһэлэр кэпсииллэрин үөрэ иһиттибит.

Алын сүһүөх оҕолоро урукку фотоаппараттары, диафильм көрдөрөр аппараттары олуһун интириэһиргээтилэр. Биир дьикти түгэнинэн бастакы Toshiba компьютеры тутан көрүү буолла. Оҕолор хаартыска альбомугар төрөппүттэрин, эбэлэрин-эһэлэрин көрөн үөрэн айманнылар. Аны урукку кэмҥэ үөрэх тэриллэрин, оскуола учуутала Марианна Михайловна Устинова бөрүөнэн суруйбут тэтэрээттэрэ ырааһын, буочара үчүгэйиин диэн сөхтүлэр. Түмэлгэ хаартыскаҕа түһэн, бэйэлэрин санааларын этэн тарҕастылар. Нэдиэлэ үрдүк таһаарыылаахтык ааста.

Ирина Корякина – Олесова.

Читайте дальше