Бүгүн 1963-1967 сс. РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаата, Абаҕа нэһилиэгин уонна Амма улууһун бочуоттаах олохтооҕо, үлэ уонна тыыл бэтэрээнэ Валерий Степанович Скрябин 90 сааһын томточчу туолла. Үлэни оҕо сааһыттан кыайа туппут, олоҕун дойдутун сайдыытыгар анаабыт ытык киһини бүгүн чугас дьоно, улууһун, олохтоох нэһилиэгин дьаһалталара эҕэрдэлииллэр.
Валерий Степанович 1933 сыллаахха алтынньы 8 күнүгэр Абаҕа нэһилиэгэр колхозтаах дьиэ кэргэнигэр бастакы оҕонон күн сирин көрбүтэ. Аҕата Мэҥэ-Хаҥалас Бүтэйдээҕиттэн төрүттээх Скрябин Степан Михайлович, ийэтэ Бөтүҥтэн төрүттээх Егорова Матрена Ивановна диэннэр. Абаҕа 7 кылаастаах, Аммаҕа орто оскуоланы бүтэрэн, Өлүөхүмэтээҕи тыа хаһаайыстыбатын техникумун бүтэрэн механиктаабыта.
“Бу сылларга илин эҥэр производственнай салааҕа И.Я. Строд аатынан колхозка сүөһү ахсаана биллэрдик элбээбитэ. Ол түмүгэр сүөһүттэн ылыллар эт-үүт былаана улаатан испитэ. Общественнай сүөһүгэ бөҕө туруктаах дэлэй аһылык базатын тэрийии наада буолбута. Колхозка араас маркалаах трактордар, массыыналар, бурдук хомуйар комбайннар, элбэх тыа хаһаайыстыбатын массыыналара кэлэн испиттэрэ. Ол эрээри анал үөрэхтээх механизатордар суохтара үлэни атахтаабыта. Колхоз правлениятын уонна механиктар көҕүлээһиннэринэн 15 эдэр колхозтаах уолаттары талан механизатор курсун аһан үөрэппитим.
Техникалары өрөмүөннээн трактордар от тиэйиитигэр, мас, ноһуом таһыытыгар күргүөмнээхтик үлэлээбиппит. Трактор курсугар үөрэммит уолаттар права ыланнар үлэ үөһүгэр түспүттэрэ. Кинилэртэн өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр механизатордар тахсыбыттара: Бочуот знага орденнах Ворошил Сутаков, САССР норуотун тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Коммунар Тылбыков буолбуттара. 1961 сыллаахтан саҕалаан республикаҕа ыҥырыы таһааран толору механизированнай звенону салайан оттооһуҥҥа рекорду олохтообуппут. Ол рекорд билигин да охсулла илик. Ол курдук биир киһиэхэ 1100 – 940-нуу центнер оту соҕотуопкалаабыппыт. Кэккэ сылларга көрдөрүүбүтүн өссө тупсаран республика араас муннуктарыттан кэлэн опыт ылан бараллара. Бу сылларга таһаарылаахтык үлэлээбиппит түмүгэр миигин РСФСР Верховнай Советын VI созывын (1963-1967 сс.) депутатынан талбыттара”, — диэн Валерий Степанович ахтар.
Дьокутаатынан үлэлиир кэмигэр быыбардааччыларым накаастарын толорорго үгүс үлэни ыыппыта. Ол түмүгэр Амма оройуонугар — СХТ-га сүүс сүүрбэ условнай миэстэлээх таас мастерской тутуллубута, суолу оҥорууга анаан 2 автогрейдери, Абаҕаҕа 320 миэстэлээх оскуоланы, И.Я. Строд аатынан колхозка легковой массыына, 3 стационарнай электростанцияны, 10 тонна отопления турбатын туруорсан ылбыта. Таатта оройуонугар народнай театрга автобус, Кремль концертнай саалатыгар үчүгэйдик оонньообуттарыгар харчынан премия туруорсан ылан бэрдэрбитэ. Өлүөхүмэ оройуонугар леспромхозка дьону таһар КАВЗ 5 автобуһу ылбыттара. Алдан оройуонугар – 4 этээстээх таас оскуоланы, руда таһарга самосвал массыыналары, көмүс хостуур драгаҕа сүрүн элбэх саппаас чаастары, Горнай оройуонугар электростанцияҕа вездеход массыынаны. Ленинградтааҕы тыа хаhаайыстыбатын институтугар эбии корпус тутуутугар үп кɵрүллүүтүн, транспорт, үөрэтэр оборудованиелары туруорсан ылбыта. Элбэх саха ыччата ССРС киин куораттарыгар сэдэх идэҕэ үөрэнэллэрин кэпсэппитэ. Ленинград куоракка үөрэнэр сахалар землячестволарын элбэхтэ тэрийбитэ.
1963 сыллаахха колхозтар совхоз буолуталаан барбыттара. Элбэх араас техниканы ылаталаан испиттэрэ. Онно билиилээх кадрдар наада буолбуттара. Онон Ленинград куоракка тыа хаһаайыстыбатын институтугар “инженер-механик широкого профиля” идэҕэ үөрэммитэ. Үөрэнэ сылдьан Смольнайга ССКП кэккэтигэр киирбитэ.
“Үөрэхпин бүтэрэн кэлэн механиктаан барбытым. Совхоз киинин Бөтүҥҥэ оҥороору былааннаабыттара. Ону Алексей Ильич Захаровтыын Абаҕа сэбиэтин сэкирэтээрин кытта сурук суруйан тыа хаhаайыстыбатын миниистиригэр Михаил Ефимович Николаевка киирэн туруорсубутум. Михаил Ефимович болҕойон истибитэ, картатын арыйан кɵрбʏтэ уонна совхоз киинэ Абаҕаҕа буолара табыгастааҕын эппитэ. Онон совхоз Абаҕаҕа кииннэнэн Сулҕаччы, Соморсун, Мээндиги отделенияларыгар табыгастаах буолбута. Үлэ көрүҥнэрин механизациялаан илии үлэтигэр чэпчэтиини киллэрэн, элбэх саҥа хотоннор баар буолбуттара, совхоз рабочайдара санаалара кэлэн барбыта. Бу кэмтэн ыла совхоз үрдүнэн нефтезаправка заведующайынан оҥорбуттара. Заправка барыта илиинэн барара, ону механизациялыыр наада буолбутугар, матырыйаал булан механизацияны киллэрбиппит. Ол заправка станцията билигин да үлэлии турар. Хас да сыл устата бензовозка суопардаабытым, оройуон иһин бары нэһилиэктэригэр горючай тиэйэрим, сороҕор Бэстээхтэн аҕаларым. 1978 сыллаахха Ленинградка диспетчеризация сельского хозяйства диэн икки ыйдаах курска үөрэнэн кэлбитим, Хатас совхозка практикаланан баран Строд совхозка старшай диспетчерынан анан үлэлээбитим. Совхоз улахан этэ, Соморсун, Сулҕаччы, Мэндиги отделенияларын сибээһинэн хааччыйарым. Үрэхтэри, фермалары, араас участоктары хабан сведение биэрэрбит уонна даннайдары ыларбыт, сводканы оройуоҥҥа биэрэбит, араас ыксаллаах наадалары, дьаһаллары тириэрдэрбит”, -диэн кэпсиир Валерий Степанович.
1980 сыллаахха Абаҕа орто оскуолатыгар “инструктор по трудовому обучению” үлэлээбитэ. Элбэх оҕону трактроведенияҕа үөрэппитэ, оскуоланы бүтэрэллэригэр улахан улуустааҕы хамыһыйаҕа экзамен туттаран тракторист праватын ылаллара. Инньэ гынан совхоз механизаторскай кадрга наадыйыыта быһаарыллар буолбута. Хас да сайын кыра уолаттары мунньан центральнай гараж территориятыгар ЛТО лааҕырын үлэлэппитэ. Манна гараж территориятын ыраастыыллара, техниканы бэрээдэктээн туруораллара, хаарбах быраҕыллыбыт техникаттан болта, гайка хомуйаллара, суха, сеялка, культиватор курдук техникалары таҥаллара. Билигин кинилэртэн элбэх ыччат тракторист, суоппар буолан үлэлии сылдьалларыттан настваниктара, учууталлара Валерий Степанович үөрэр. Еремеев Гаврил Никитич Гражданскай килбиэн знактаах, биир тутаах үлэһит, Анисимов Трофим Анатольевич курдук уолаттар араас маркалаах техниканы барытын үлэлэтэллэр. Араас мындыр билиилээх, техникаҕа сыстаҕас, барыны сатыыр механизатордар Захаров Гаврил Андреевич, Нерлов Андрей, Цеев Гаврил Никитич уо.д.а.
Валерий Скрябин колхозка, совхозка уопсайа 33 сыл үлэлээбитэ, кэлин оскуолаҕа уонча сыл оҕолору тракторга үөрэппитэ. Уопсай үлэтин ыстааһа 45 сыл. Төрөөбүт дойдутуттан ханна да барбакка колхозка, совхозка, оскуолаҕа үлэлээн улууһун, нэһилиэгин сайдыытыгар кылаатын киллэрбитэ. Сынньалаңңа тахсан баран кэтэх хаhаайыстыбаланан, оҕуруот үүннэрэн кэллилэр. Иллэрээ сыллаахха диэри сɵбүлүүр дьарыгынан, балыктаабыта. Күөлгэ да, өрүскэ да илимин көрөн дьонун көмүс хатырыктааҕынан күндүлээбитэ.
Валерий Степанович тапталлаах кэргэнэ Софья Петровналыын ыал буолан олорбуттара 57 сыл буолла. Түөрт оҕону улаатыннаран, билигин бары ыаллар, олохторун булбут дьон. Элбэх сиэн дьоллоох эбэтэ, эһэтэ, өссө быйыл хос сиэн кэлэн үөрүүлэрэ үрдээн сылдьар.
“Амма олоҕо” хаһыат