Василий Бураев “Эн куоластааҥҥын дойдун бэлитиичэскэй олоҕор кыттыһаҕын”

Сарсыарда эрдэттэн Амма нэһилиэгин саамай элбэх быыбардааччылаах 46№-дээх быыбардыыр учаастагар  куоластааһын көхтөөхтүк барар. Бары партиялартан кэтээн көрөөччүлэр эмиэ кэлэн быыбар хаамыытын көрөллөр. Амма улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччы Василий Бураев биир бастакынан кэлэн бэйэтин гражданскай иэһин толордо.

Мин 18 сааспар быыбардыыр быраабы ылыахпыттан куруутун куоластыыбын. Куолас биэрэр диэн биһиги гражданскай иэспит буолар. Бу көннөрү кэлэн бюллетени эрэ угуу буолбатах. Бу биһиги нэһилиэкпит, улууспут, өрөспүүбүлүкэбит сайдыытыгар кыттыһыыбыт, онно биэрэр куоласпыт буолар. Хас биирдии киһи дьонун, дойдутун туһугар кэлэн быыбардыахтаах. Үс күн устата ыытыллар быыбарга кэлэн бэйэҕит сөбүлүүр, сөптөөх бырагыраамалаах, үлэлиэ-хамсыа диэбит кандидаткыгар, баартыйаҕытыгар кэлэн куоластаан, дойдугут бэлитиичэскэй олоҕор кыттыһын ”, — диэн Василий Иванович тус санаатын тириэртэ.

Ааптар: «Амма олоҕо» хаһыат

 

Читайте дальше