Василий Бураев “Кыайыыга кынаттыаҕа, түмсүүгэ сирдиэҕэ”

Амма улууһа   аҕа баһылыгын бастакы солбуйааччы,  улуустааҕы  аҕалар түмсүүлэрин бэрэссэдээтэлэ Василий Бураев “Алеша” танковай экипаж  хорсун быһыытын туһунан биэриини көрө олорон, хайдах ис санаатын түгэҕэр бу экипажка саха уолаттара хайдах да баар буолуохтаахтар диэн кылам гыммыт. Ол чахчы туолан, кини олус долгуйа үөрбүт. Бу туһунан кини улуус хаһыатыгар үллэһиннэ:

Хас биирдии дойдубут олохтооҕун курдук, “Алеша” танковай экипаж туһунан видеоны сайын этэргэ дылы долгуйан тыыммакка да көрбүтүм. Бу экипаж хорсун санаатыттан сөҕөн-махтайан, хайдах эрэ, бука бэйэбит уолаттарбыт буолуо дуо диэн санаа көтөн түспүтэ. Ол санаабытым чахчы буолбутуттан, Саха сирин олохтоохторо,  Сунтаар уонна Уус-Алдан улуустарыттан силистээх икки чулуу геройдаммыппытын истэн долгуйдубут. Манна  эбии олоҕум аргыһа Уус-Алдантан төрүттээх буолан икки бүк үөрдүбүт, киэн тутуннубут. Бу үөрүү бүттүүн Саха сирин олохтоохторун кыайыыга кынаттыаҕа, түмсүүгэ сомоҕолоһууга сирдиэҕэ диэн бүк эрэллээхпин. Саха дьоно былыр былыргыттан тыйыс усулуобуйаҕа улаатан, булка-алка сыстан, тыа дьонун быһыытынан араас үлэҕэ мискиллэн элбэх сатабыллаахпыт, үөрүйэхтээхпит. Байыаннай операцияҕа сылдьан сынньана кэлбит уолаттарбыт кэпсээннэригэр ону бэлиэтииллэр, үрдүкү командование саха уолаттарын куруук үтүө холобурга илдьэ сылдьалларын, бииргэ сылдьар уолаттарыгар  куруутун  күүс-көмө буолалларын тоһоҕолууллар.  Дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путины кытта көрсүһүүгэ уолаттарбыт элбэҕи саҥарбакка, түөс охсуммакка саха сиэринэн сэмэйдик, дьоһуннаахтык олорбуттара, кинилэр чахчы да киэҥ көҕүстээх Саха дьиҥнээх боотурдара буолалларын туоһулуур.  Филипп Евсеев эһэтэ Аҕа дойду улуу сэриитигэр, эмиэ сүдү улахан Курскай дуга кыргыһыытын кыттыылааҕа буоларын эппиттэригэр  Дойдубут Бэрэсидьиэнэ “Бу дьиҥ чахчы көлүөнэлэр чулуу ситимнэрэ, хас биирдии Модун Арассыыйа олохтооҕун өйүгэр санаатыгар баар туһааннаах кэмҥэ Аҕа дойдутун көмүскүүр сүдү күүһэ” диэн бэлиэтээбитин болҕойон иһиттибит. Саха ньургуннара саалаахтан самныбакка, охтоохтон охтубакка дойдуларыгар кыайыы үктэллээх кэлэллэрин бары күүтэбит. Тыылга хаалбыт дьон-сэргэ кыайыыны уһансарга, уолаттарбыт дьонугар күүс-көмө буоларга кыһаллабыт. Алгыстаах Амма олохтоохторо чулуу геройдарбытыгар  Алексей Неустроевка, Филипп Евсеевка Кыыс Амма кэрэ туонатытттан истиҥ иһирэх эҕэрдэ ыытабыт. Кинилэр дьонноругар, биир дойдулаахтарыгар муҥура суох махталбытын биллэрэбит. Уруй Айхал

Читайте дальше