Владимир Колосов “Бэрэсэдьиэн Туһаайыыларыгар этиллибит тускуллары сэргээтим”

Амма улууһун дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Колосов Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Федеральнай Мунньахха сыллата оҥорор Анал Туһаайыыларын кэтэһэрин уонна болҕойон истэрин бэлиэтиир.


“Бу да сырыыга хаһан тахсарын истэн баран сүрдээҕин кэтэспитим уонна бириэмэтигэр болҕойон олорон иһиттим. Кини  бу Туһаайыытыгар дойдубут инники алта сылга хайдах суолу тутуһан сайдыахтааҕар, ханнык суолу тутуһуохтааҕын бары хайысхаларынан сырдатта. Ол курдук үөрэх эйгэтэ, суол-иис, олох-дьаһах, демография, дьиэ кэргэн, промышленность, тырааныспар да, култуура да, доруобуйа харыстабыла, быһатын бары эйгэни барытын таарыйан чопчу соруктары туруорда. Бу Туһаайыытыгар Владимир Путин Арассыыйаҕа биэс саҥа национальнай бырайыак киирэрин биллэрдэ. Онтон сорохтор быйылгы сылтан, сорохторо кэлэр сылтан олоххо киирэн барыахтаахтар. Онно ордук чуолаан “Кадр”, “Семья” национальнай бырайыактар баар буолуохтаахтарын сэргээтим. Бэйэм элбэх оҕолоох аҕа буоларым быһыытынан дьиэ кэргэни өйөөһүҥҥэ оҥоһуллар көмөлөр салгыы барыахтарын, өссө сорох төлөбүрдэр үрдүөхтэрин туһунан үөрэ иһиттим. Уопсайынан да дьиэ кэргэни өйөөһүҥҥэ хас да стратегическай былааннар ылыллыннылар. Аны биир саамай астыммытым диэн регионнар бюджэккэ  кредитнэй иэстэрин 2 гыммыт 3 бырыһыанын соторго диэн этии киллэрбитэ буолар. Бу барыта регион салгыы сайдыытыгар төһүү күүс буолара саарбаҕа суох. Мин бэйэм урут эмиэ амнистия курдук киириэн баҕарар этим. Ол санаабын оруобуна ити Туһаайыытыгар эппититтэн үөрдүм.  Муниципалитеттарга улахан болҕомто федеральнай былаастартан ууруллар буолла. Уопсайынан Владимир Путин бу быйылгы Туһаайыыта олох историческай суолталаах дии саныыбын. Кини этиитин Арассыыйаҕа эрэ буолбакка, атын тас дойдуларга эмиэ кэтээн иһиттилэр. Мин Владимир Владимировыһы истэ олорон маннык күүстээх, бэйэтигэр эрэллээх уонна норуокка тирэҕирэр баһылыктаахпытыттан киэн тутуннум ”, — диэн Владимир Колосов этэр.

“Амма олоҕо” хаһыат

 

Читайте дальше