Бу күннэргэ Сахабыт сиригэр олус хомолтолоох киһи өлүүлээх быһылаан таҕыста. Онон сиэттэрэн араас ыҥырыылар социальнай ситиминэн тарҕаннылар. Маныаха Амма улууһун дьокутааттарын Сэбиэтин бэрссэдээтэлэ Владимир Колосов быстах санааҕа киирэн биэрэр табыллыбатын, киэҥ холку буолуохпутун наада диэн этэр.
“Чахчы хомолтолоох түгэн таҕыста. Ол курдук эдэр уол тыына быһынна. Бу түгэнтэн сиэттэрэн араас ыҥырыылар тарҕаннылар. Ону истэн сыыһа хамсанар, араас суолга киирэр табыллыбат дии саныыбын. Тыйыс айылҕалаах Саха сиригэр олорор дьон буоларбытынан, манна биһиги холку буолан, быстах санааларга киирэн биэримиэхпитин наада. Барыта суут-сокуон хараҕынан көрүллэн быһаарыллыахтаах. Эдэр дьон, эр дьон муударай буолуоҕуҥ. Биһиги урут уруккуттан ыалдьытымсах норуоппут. Ол ааппытын түһэн биэрбэккэ сылдьыаҕын. Биир түгэнинэн туһанан, дьону буккуйа, иирсээни таһаара сатыылларын өйдөөн, киирэн биэримиэҕин диэн ыҥырабын”, — диэн Владимир Владимирович санаатын тириэртэ.
“Амма олоҕо” хаһыат