Владимир Корякин „Быыбар хаамыыта этэҥҥэ, кэһиитэ суох бара турар“

Амма улууһугар быыбар этэҥҥэ баран иһэр. Улуус иһигэр тэриллибит 17 учаастакка барытыгар кэтээн көрөөччүлэр быыбар хаамыытын хонтуруолга туталлар. Амма нэһилиэгин олохтооҕо Владимир Корякин кэтээн көрөөччүнэн сылдьыбыта хаһыс да сыла буолла. Онон уопуттаах кэтээн көрөөччү диэххэ сөп.
Мин ааспыт быыбарга уопсастыбаннай кэтээн көрөөччүнэн сылдьыбытым. Быйылгы быыбарга партияттан ананан үлэлии сылдьабын. Бу кэтээн көрбүтүм тухары куруутун Амма нэһилиэгэ саамай элбэх быыбардааччылаах учаастагар, 46№-дээх быыбардыыр учаастакка баарбын. Биһиги үлэлээбиппит үһүс күнэ. Солбуһа сылдьан кэлэбит-барабыт. Бүгүн мин эбиэттэн киэһэ кэлэн, учаастак сабыллыар диэри, бары бюллетеннэр ааҕыллыахтарыгар диэри сылдьабын. Кэтээн көрөөччү диэн быыбар ирдэниллэр сокуону тутуһан, сөптөөхтүк ыытылларын кэтээн көрөр киһи буолар. Сокуону кэһиини таһаартарыа суохтаах. Киэһэ бюллетеннэр сейф-пакекка угуллан сейфэҕэ хатаналларын барытын көрөн, фиксациялыыбыт. Бу икки күн устата бу учаастакка кэһии тахсыбата. Үһүс да күн этэҥҥэ. Учаастак чилиэннэрэ, бэрэссэдээтэл да биһиэхэ бары усулуобуйаны биэрэн, сокуон быһыытынан бэриллэр бырааппытын барытын туһанарбытын күөмчүлээбэттэр. Үс күн устата биллэн туран сылаалаах эрээри, сокуону тутуһабыт буоллаҕа. Саамай кылаабынайа быыбар туох да кэһиитэ суох барарын көрөбүт“, — диэн Владимир Гаврильевич санаатын үллэһиннэ.

Ааптар: „Амма олоҕо“ хаһыат

Читайте дальше