Үбүлүөйдээх Амма ойуурун хаһаайыстыбата

Быйылгы сыл Амматааҕы ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэригэр  үбүлүөйдээх сыллара. Ол курдук тэрилтэ тэриллибитэ 75 сыла буолла. 

“Амматааҕы ойуур хаһаайыстыбабыт тэриллибитэ быйыл 75 сылын  бэлиэтиир. Улуус  үрдүнэн 26 тутаах үлэһиттэрдээхпит. Быйылгы үлэ түмүгүнэн  уопсайа 5555,4 иэннээх 23 ойуур баһаара бэлиэтэннэ. Мантан бириэмэтигэр тэнийбэккэ  11 баһаар тута  умуруоруллубута. Бэрэбиэркэ үлэтигэр билиҥҥи туругунан  114 рейдэ ыытылынна. Мас бэлэмниир  урбаанньыттары кытта  28 дуогабар  оҥоһулунна, чааһынай дьоҥҥо оттук маска 1291 кэриҥэ дуогабар сурулунна.  Бэйэбит идэлээх бырааһынньыкпытыгар  үөрүүлээх түгэн буолбута.

Ол курдук  тэрилтэбит бэтэрээннэрэ Артемьев Николай Афанасьевич, Аргунов Михаил Афанасьевич, Попов Юрий Николаевич «СӨ айылҕа харыстабылын бэтэрээнэ» үрдүк наҕарааданы туттулар.  Ытыктыыр дьоммутун, ону сэргэ бары ойуур хаһаайыстыбатын бэтэрээннэрин, үлэһиттэри ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин”, — диэн Амматааҕы ойуур хаһаайыстыбатын салайааччыта Николай Иванов үөрүүтүн үллэстэр.

«Амма олоҕо» хаһыат