Е.С.Никитина аатынан Алтан орто оскуолатын «Үүнүү точката» сыыппара уонна гуманитарнай хайысхалаах киинин базатыгар черчение учуутала, «Инженернэй дизайн CAD» кылаас таһынан дьарык салайааччыта Михаил Стручков көҕүлээһининэн, олимпиадаҕа кыттыбыттара 40 сылыгар аналлаах оскуола үөрэнээччилэрин ортотугар черчение садаачаларын компьютерга суоттааhыҥҥа бастакы сонун турнир ыытылынна.
Михаил Аполлонович Стручков 40-тан тахса сыл харыс сири халбарыйбакка Алтан орто оскуолатыгар черчение, уруһуй уруоктарын үөрэтэн кэллэ. Ураты систиэмэлээх, бэйэтин анал, чочуллубут ньыматынан үөрэтэр, идэтигэр бэриниилээх учуутал быһыытынан биллэр. Бу сыллар тухары кини такайыытын ааспыт төһөлөөх оҕо техническэй уонна уруһуй идэлэрин талан өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар үлэлии сылдьалларын ааҕан сиппэккин. Уһун сыллаах, үтүө суобастаах үлэтин-хамнаһын туоһуларынан «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы пуонда стипендиатын, академик В.П.Ларионов аатынан пуонда лауреатын үрдүк ааттара, «РФ норуот үөрэхтээһинин туйгуна», «Арассыыйа уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ», «Учууталлар учууталлара» уо.д.а. бэлиэлэр буолаллар.
«Алтан орто оскуолатыгар үөрэхпин бүтэрээт 1983 сыл күһүнүгэр саҥа үөрэх дьыла арыллыытыгар черчение, уруһуй бэрэдимиэттэрин учууталынан үлэҕэ киирбитим. 1984 сылга икки үөрэнээччим өрөспүүбүлүкэтээҕи кэтэхтэн олимпиадаҕа кыттыбыттара. Коля Неустроев олимпиада түмүк түhүмэҕэр ыҥырыллыбыта. Ол кэмтэн элбэх үөрэнээччи өрөспүүбүлүкэ олимпиадаларыгар кыайыылаах, призер буолуталаан кэллилэр. Онон бу турнир олимпиадаҕа кыттыбыппыт 40 сылыгар анаан ыытылынна. Экспертэринэн бэйэм уонна араас сылларга үөрэппит оҕолорум үлэлээтилэр. Түмүккэ Мирослав Дьячковскай 1-кы миэстэ, Никита Уваровскай 2-с миэстэ, Олег Неустроев 3-с миэстэ буоллулар.
Кыттааччылар бары анал бириистэри туттулар. Спонсордарынан араас кэмҥэ черчение олимпиадаларыгар кыттыбыт үөрэппит оҕолорум уонна сонун турниры өйөөччүлэр буоллулар. Черчение олимпиадаларыгар ситиhиилээхтик кыттар үөрэнээччилэргэ 2002 сылтан сыллата анал стипендияны оскуолабыт попечителлэрэ Наталья Ивановна, Александр Гаврильевич Шишигиннар тутаран кэллилэр. Маны таһынан Егор Васильевич Стручков туттарара, кэлин кини аатынан стипендияны Елена Ивановна Стручкова салгыыр.
Екатерина Семеновна Никитина кабинеппытыгар инженернэй дизайн диэн эйгэҕэ туһааннаах аныгылыы моһуоннаах күүстээх кыамталаах ноутбук бэлэх уунан оҕолор үөрэнэллэригэр-сайдалларыгар толору кыаҕы биэрдэ. Онон попечителлэрбитигэр улахан махталбын тириэрдэбин», — диэн Михаил Апполлонович санаатын тириэртэ.
Турнирга уопсайа аҕыс оҕо кытынна. Ол курдук Олег Неустроев (11 кылаас) – өрөспүүбүлүкэтээҕи черчение олимпиадатын призера, WorldSkills Чемпионат эрэгийиэннээҕи түhүмэҕин «Столярное дело» хайысха призера (настаабынньык С.С.Неустроев), улууска Технология олимпиадатын кыайыылааҕа (сал.С.С.Неустроев), Сардаана Сутакова (10 кылаас) – өрөспүүбүлүкэтээҕи черчение олимпиадатын призера, өрөспүүбүлүкэтээҕи оскуола үөрэнээччилэригэр ыытыллар архитектурнай-художественнай куонкурус-олимпиада «Черчение» хайысхатын кыайыылааҕа, Александр Васильев (10 кылаас) – улууска черчение олимпиадатын призера, WorldSkills, Профессионаллар Чемпионат «Инженерный дизайн САПР» компетенция улуустааҕы түhүмэхтэрин призердара, кыайыылааҕа, «Инженерный дизайн САПР» көрүҥҥэ Майа лицейэ өрөспүүбүлүкэҕэ тэрийбит аhaҕас чемпионатын призера (14+), Мирослав Дьячковскай (9 кылаас) – өрөспүүбүлүкэҕэ черчение олимпиадын икки төгүллээх призера, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Профессионаллар» чемпионат «Инженерный дизайн САПР» көрүҥүн призера, өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын оҕолоругар архитектурнай- художественнай олимпиада-куонкурус «Черчение» хайысхатын призера, Кира Колесова (8 кылаас) – өрөспүүбүлүкэҕэ черчение олимпиадын призера, улууска «Профессионаллар» чемпионат «Инженерный дизайн САПР» компетенция призера, Валентина Сутакова (8 кылаас) – улуустааҕы черчение олимпиадатын призера, Никита Уваровскай (7 кылаас) – «Инженерный дизайн САПР» көрүҥҥэ Майа лицейэ өрөспүүбүлүкэҕэ тэрийбит аhaҕас чемпионатын кыайыылааҕа (12+), «Профессионаллар» чемпионат «Инженерный дизайн САПР» компетенция призера, улуустааҕы черчение олимпиадатын кыайыылааҕа, Максим Неустроев (7 кылаас) – улууска «Профессионаллар» чемпионат «Столярное дело» хайысха (12+) кыайыылааҕа (сал.Неустроев С.С.). Турнир экспертэринэн, Михаил Аполлонович Стручков — кылаабынай эксперт, Анастасия Дмитриевна Баишева — техническэй айымньы киинин ыстаарсай педагога (Дьокуускай), эксперт, Семен Семенович Неустроев — Алтан орто оскуолатын технологияҕа учуутала, эксперт, Николай Еремеевич Сутаков — М.К.Аммосов аатынан ХИФУ математика уонна информатика институтун 2 кууруһун устудьуона, эксперт.
Ити курдук 40-тан тахса сыл бэйэтигэр саҥаттан саҥа билиини иҥэринэн, уонна ол билиитин үөрэнээччилэригэр ис дууһатыттан кыһаллан туран тириэрдэр учууталбыт Михаил Аполлонович көҕүлээн тэрийбит сонун турнира ыыра кэҥээн кэлин бүтүн өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ кубулуйуо диэн эрэнэбит.
Татьяна АТЛАСОВА