Ыһыах бэлэмэ Амма дьонун биир санааҕа түмтэ

Быйыл Аммаҕа ыһыллар олоҥхобут ыһыаҕын кэнсиэпсийэтэ «Саҥарар саҥам сататын сабаҕалааҥ, этэр тылым эгэлгэтин эридьиэстээҥ» диэн Амма Эмиһиттэн төрүттээх  сахаҕа киэҥник биллибит улуу олоҥхоһут Тимофей Васильевич Захаров-Чээбий «Ала Булкун» олоҥхотун тылларынан ааттанна. Амма дьоно Чээбий Түмэппий бу тылларынан салайтаран олоҥхо тылын-өһүн ааҕыаҕыҥ, ис номоҕун өйдөөн, ырытан, норуот үйэлэр тухары муспут өйүн-санаатын сомсуоҕуҥ диэн сахабыт дьонун ыҥырар. Маныаха ханнык баҕарар олоҥхоҕо охтон баранар мастаах, уолан баранар уулаах, атааннаах-мөҥүөннээх орто дойду олоҕун үүннээх-тэһииннээх үтүө дьаһаллар, түмсүүлээх, эйэлээх буолуу уһун тускуга сирдиирин бэлиэтиибит.


Аммалар Олоҥхо ыһыаҕын тэрээһинигэр хас да сыл инниттэн бэлэмнэнэн, хаһааҥҥытааҕар да ордук түмсэн, иллээх-эйэлээх санаанан салайтаран, оҕолуун -кырдьаҕастыын үгүс үлэни ыыттылар. Сыл устата улуус нэһилиэктэрэ бука бары түөлбэлэрин олоҥхотун сыанаҕа туруоран көрдөрдүлэр. Норуот тылынан уус-уран бөдөҥ айымньытын сыанаҕа туруоруу уустук, түбүктээх үлэтэ нэһилиэк олохтоохторун биир санааҕа түмтэ, бүтүн олоҥхону тутулун тутуһан, тылын-өһүн илдьиритэн, үөрэтэн, матыыбын табан, таҥаһын-сабын тиктэн, айымньы туругар киирэн толоруулара олоҥхо умсулҕаннаах эйгэтин олохтоото.

Амма хас биирдии олохтооҕо Олоҥхо ыһыаҕар бэйэтин дьоҕурунан, сатабылынан, туохха ордук сыһыаннааҕынан, сүрэҕэ сытарынан ыытыллар бары тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кытта сылдьар. Нэһилиэгинэн үс тыһыынчаттан тахса олбох тиктилэр, алта биэрэстэттэн ордук уһуннаах  ситии хаттылар, түһүлгэни киэргэттилэр,  таҥаһы-сабы тиктилэр, аһы-үөлү тэрийдилэр.  Ол курдук, Аммалар түмсүүлээх үлэлэрин кылгастык  холобурдаан билиһиннэрдэххэ, сүүс кырыымпаһыт олоҥхо араас матыыбын дьүһүйүөҕэ. Манна бэлэмнэнэн олохтоох маастардар  үгүс ахсааннаах кырыымпаны оҥордулар. Тимир уустарын түмсүүтэ  биэс нэһилиэккэ уус  кыһатын арыйда. Нэһилиэги кэрийэ сылдьан сүрэхтэрин баҕатынан дьону-сэргэни кырыымпа алыптаах дорҕоонун таһаарарга үөрэппит,  биир да нэһилиэги көтүппэккэ олоҥхолообут, өбүгэ таҥаһын тигиигэ, тимири уһаарыыга, туой, мас оҥоһуктары оҥорууга  аата ахсаана биллибэт маастар кылаастары ыыппыт энтузиаст дьонунан аммалар  киэн туттуохтарын тутталлар.

Өссө 2003 сыллаахха, Эмис нэһилиэгэр, күн күөрэйэр Күөрэлэ алааһыгар, Чээбий олоҥхоһут төрөөбүтэ 135 сылыгар анаммыт өрөспүүбүлүкэ таһымнаах  бастакы Олоҥхоҕо анаммыт ыһыах ыһыллыбыта. Аан бастакытын Саха тыйаатырын артыыстара Чээбий «Ала Булкун» олоҥхотун түһүлгэ күөх хонуутугар оонньоон көрдөрбүттэрэ. Оччолорго уон үс саастаах Юра Борисов уолчаан «Көмүскэс санаалаах күн Айыы киһитэ Кэскил бухатыыр» диэн саҥа олоҥхотун иһитиннэрэн, бастакы Олоҥхоҕо анаммыт ыһыах арыйыытынан буолбута. Маннык көстүү, дьүһүйүү барыта өрөспүүбүлүкэҕэ Олоҥхо ыһыахтарын тэрийэргэ, Олоҥхо тыйаатырын арыйарга өйү-санааны сахпыттара. Ол кэмтэн күн бүгүҥҥэ диэри элбэх сыл ааста, ону кытта Юрий Борисов олоҥхото, олоҥхону чинчийэр үлэтэ, Аммаҕа олоҥхо эйгэтэ эмиэ кэҥээн, сайдан кэллэ.  История кэрэһэлииринэн, Аммаҕа өссө биир бэлиэ ыһыаҕынан, Аҕа дойду улуу сэриитэ буола турдаҕына, 1944 сыллаахха,   баартыйа Саха сиринээҕи обкомун уурааҕынан, Владимир Михайлович Новиков-Күннүк Уурастыырап көҕүлээһининэн улахан ыһыах ыһыллыбыт. Бу ыһыах сыала-соруга сомоҕолоһуу, ыар сүтүктээх аччык дьон санаатын өрө көтөҕүү диэн этэ. Дьэ аны быйыл, бэс ыйын 20-21 күннэригэр дойдубут атааннаах-мөҥүөннээх бүгүҥҥү күнүгэр Айыылартан алгыс ыла, арчылана, ыраастана, эйэлээх олоҕу түстүү, уһун тускуну тута, Алгыстаах Амма эһигини күүтэр!

Афанасий НОЕВ,  СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ

Читайте дальше