Бүгүн Амма улууһа сааскы халаан уутугар уонна тыа баһаардара тахсан нэһилиэнньэҕэ кутталы үөскэтэр түгэннэригэр хайдах бэлэмнээҕин бэрэбиэркэлиир федеральнай штабнай-команднай үөрэх ыытылынна. Манна Дьокуускай куораттан бэлэм хайдаҕын Арассыыйа ЫКМБ Министиэристибэтин Саха сиринээҕи Кылаабынай управлениетыттан оперативнай былааннааһын отделын начальнигын солбуйааччы, подполковник Петр Никонов көрдө-иһиттэ. Улуус өртүттэн үөрэх хайдах барарын улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Василий Бураев салайда.
“Бүгүҥҥү үөрэхпит федеральнай таһымнаах буолар. Үөрэх икки этабынан икки күн устата барар. Ол курдук сарсыарда 6 чааска сигнал киирэн улуус үрдүнэн үрдүкү бэлэм буолуу балаһыанньатын биллэрбиппит. Дьоҕойон кэпсээн быһыытынан муус устар 4 күнүгэр Амма өрүс хаатыттан 80 см үрдүк тахсан, муус харан түөрт нэһилиэк ууга барбыт. Хас да социальнай эбийиэги уу ылбыт. Ону сэргэ 998 киһи, ол иһигэр 256 оҕо дьиэлэрэ ууга барбыт. Дьэ маныаха хайдах быһыылаах хамсаныы, дьаһал ылыллыытыгар үөрэх барда. Дьон-сэргэ материальнай көмөнү ылыыларыгар тиийэ барыта үөрэтиллиннэ. Үөрэх кэмигэр 53 техника уонна 150-ча киһи тардыллынна. Улуус үрдүнэн ханнык техника ыксаллаах быһыы-майгы кэмигэр туһанылларын көрдүбүт. Үөрэх салгыы сарсын эмиэ ыытыллар. Ол кэнниттэн барытын ырытан көрөн баран Амма улууһа сааскы халаан уутугар уонна тыа баһаардара тахсар түгэннэригэр төһө бэлэмнээҕэ көстүөхтээх. Үөрэххэ нэһилиэк баһылыктара бары кытталлар. Биһиги кинилэргэ сорук туруоран ону хайдах толоруохтарын ирдиибит, көрөбүт”, — диэн улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Василий Бураев билиһиннэрдэ.
“Амма олоҕо” хаһыат
Лия Яковлева хаартыскаҕа түһэриилэрэ