Гражданскай көмүскэнии ыйын чэрчитинэн Амма Наахара нэһилиэгэр бары тэрилтэлэр үлэһиттэригэр үөрэх уонна күрэх буолан ааста.
Бастаан иһитиннэриини нэһилиэк баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Сахаяна Михайлова, Амма Наахара орто оскуолатын ОБЖ уонна физкультураҕа учуутала Данил Макаров оҥордулар.
Үөрэх кэннэ Гражданскай көмүскэнии көрүҥнэригэр тэрилтэлэр икки ардыларыгар бэрт сэргэх күрэх ыытылынна. Тэрилтэттэн үс дьахтар, үс эр киһи кытынна. «Дуораанчык» уһуйаан, орто оскуола, «Түмэн» сынньалаҥ киинин, олохтоох библиотека, нэһилиэк врачебнай амбулаториятын уонна ОДьКХ үлэһиттэрэ, «Амма Наахара» МТ дьаһалтата спортивнай саала үлэһиттэрин кытары барыта биэс хамаанда кытынна.
Күрэхпит түмүгүнэн бастакы миэстэни оскуола хамаандата ылыан ылла. Иккис миэстэҕэ «Түмэн» СК уонна библиотека хамаандата , үһүс миэстэҕэ «Дуораанчык» уһуйаан, төрүс миэстэҕэ ОДьХ уонна балыыһа кэлэктиибэ, бэһис миэстэҕэ нэһилиэк дьаһалтата спортивнай саала таҕыстылар. Бу тэрээһини спортивнай саала дириэктэрэ Мария Заборовская, учуутал Данил Макаров, баһылык Захар Александров уонна солбуйааччыта Сахаяна Михайлова былааннаан оҥордулар. Маннык араас үөрэхтэр, сонун тэрээһиннэр нэһилиэги сомоҕолууллар, биир санаалаах, тэҥ сыаллаах оҥороллор. Ыксаллаах быһыы-майгы үөскүүр түгэнигэр гражданскай көмүскэнии тэрээһиннэрин хайдах толорууга эрчиллии кыттааччылары эрэ буолбатах, көрөн олорооччулары кытары элбэххэ үөрэтэр, түргэн туттууну эрэйэр.
Ирина Корякина – Олесова.