Сахаҕа сэтинньи – Байанай ыйа. Эбэ мууһа тутуһан муҥха үгэнэ саҕаланар, хаар үллүктүү түһэн кыыл-сүөл суола арылыччы көстөн булду сонордуурга судургу. Аны, улахан тымныылар суохтар. Онон, сэтинньи — саха киһитэ бултаан-алтаан хаһаас аһын хааччынарыгар анаабыт курдук ый. Тайҕаны кэтэр булчукка ыт кини солбуллубат доҕоро.
Икки атахтаах киһи ыты доҕор оҥостубута ыраатта. Мин ыты уруккуттан олус ытыктыыбын, таптыыбын. Бэл, 1972 сыл бэс ыйыгар аармыйаҕа сулууспалыы тиийбиппэр учебнай пуун кэннитэн ким ханна, туохха үөрэниэн баҕарарын суруйтарбыттарыгар “собаковод-дрессировщик” диэн идэҕэ үөрэниэхпин баҕарарбын диэн суруйбутум. Эрээри аҕыс кылаас үөрэхтээх буоламмын, “Уон кылаас үөрэҕиҥ суох” диэннэр сыыйан кэбиспиттэрэ. Аармыйаҕа анал оҥоһуулаах килиэккэлээх уйаларга сүүрбэччэ ыты туталлара. Бары кэриэтэ сыапка бааллан тураллара. Астарын аҕалан биэрэллэрэ. Бу ыттары Алтухов уонна Колесников, Соколов диэн ыттары дрессировкалыыр үөрэҕи ааспыт саллаат уолаттар көрөллөрө-истэллэрэ.
Сэбиэскэй кэмҥэ ыт киһи доҕор буоларын туһунан араас кинигэлэр, киинэлэр дэлэйдэрэ. Биир өйбөр олус чиҥник хатанан хаалбыт киинэ харахпыр билигин даҕаны субу баарга дылы. Онно Аҕа дойду Улуу сэриитигэр билиэҥҥэ түбэспит нуучча саллаата лааҕырга харабыл ыты кытары чугастыы доҕордоһоллоро кэпсэнэрэ. Саллаат ыттары аһатар үлэлээҕэ. Ол сылдьан биир овчарка ыты кытары доҕордоһон, харахтарынан көрсөн бэйэ-бэйэлэрин өйдөһөр буолаллар. Биирдэ саллааттар күрүүллэр. Куоппут дьону ытынан суоллатан сырсаллар. Онно ыт доҕордоспут саллаатын булар буолан баран, үрэн биллэрбэт, төннөн хаалар. Манна сытарбын биллэримэ диэн саллаат хараҕынан кэпсэтэргэ дылылар. Инньэ гынан фашистар күрүөйэхтэри сатаан булбаттар. Бу курдук ыт доҕордоспут киһитин таҥнарбакка, түһэн биэрбэтин туһунан киинэҕэ кэпсэнэрэ.
Мин 1988 сыл сайыныгар төрөөбүт хара дьүһүннэх “Чуорук” диэн ааттаах ыт оҕотун иппитим. Бу сүрдээх өйдөөх ыт буола улаапппыта. Ол саҕана 1983 сылтан 1989 сылга диэри Таатта улууһун Даайа Амматыгар үлэлии сылдьыбытым. Бу ыт атаҕынан олус кытыгыраһа, түргэнник сүүрэрэ. Ыттар көмөлөөн тутаары эккирэттэхтэринэ ситтэрбэккэ куотара, куобаҕы куоттарбакка тутара. Биирдэ сыгынах анныгар саһан сытар куобаҕы тутан биэрэн улаханнык үөрдэн турардаах.
Сарсыарда үлэбин кэпсэтэ хонтуораҕа барарбар батыһан барсара, аан аттыгар хаһан тахсыахпар диэри кэтэһэн олорор буолара. Онтон өйүөбүтүн бэринэн, Мээндиги ОПХ-тын пилораматыгар уокка оттор мас эрбии барарбар барсара.
Өссө биир үчүгэй ыты иитэ сылдьыбыттаахпын. Тэллэх ыттан төрөөбүт эрээри аҕатын удьуордаан уҥуоҕунан улахан этэ. Мохосоҕол диэн ааттаабытым. Чараас түүлээх буолан тымныыны тулуйбат этэ. Ол иһин дьиэбэр хоннорон баран сарсыарда эрэ таһырдьа таһаарарым.
Ыты таптыыр дьон ыты хобби оҥостон иитэллэр, бэйэлэрин кытары тэҥҥэ тутаннар көрөллөр-харайаллар. Көрүү-истии уратылардаах. Холобур, булчут ыты олох атыннык иитэллэр. Куруук сыапка баайан тураллар, аһылыга да ураты буолар. Онтон үгүстэр ыты дьиэни-уоту харабыллатаары иитэллэр, мэлдьи сыапка баайан сытыараллар. Ыт киһи долгуйуутун, үөрүүтүн-көтүүтүн өтө билэргэ дылы. Санааҥ санньыйа түстэҕинэ аһыммыт харахтарынан ыйытардыы одуулуур, сүргэҥ көтөҕүллүбүт кэмигэр үөрсэн кутуругун эйэҥэлэппитинэн утары сүүрэн кэлэр. Онон, ыт киһи дьиҥнээх доҕоро.
Василий Жирков-Баһыччык Баһылай, Мээндиги.