Үтүө быһыы биир бастыҥ холобура

Аҕыйах хонуктааҕыта Амма нэһилиэгин Партизанскай уулуссатыгар икки хараҕа суох, 1 группалаах инбэлиит Андреев Петр Петрович уулуссаҕа мунан, ааһан иһэр дьон ким да аахайбакка, ханна барыан, хайдах-туох буолуон билбэккэ турдаҕына, биир эдэр оҕо кэлэн, тылланан туран дьиэтигэр диэри илдьэн, атааран биэрдэ.

Бу аһыныгас сүрэхтээх оҕо кимий диэтэргит, Артем Дьяконов диэн Амма лиссиэйин 11 кылааһын үөрэнээччитэ.
Артем туох да толкуйа суох, Петр Петровичка көмөлөһөн, кырдьаҕас киһини олус үөртэ. Кырдьаҕас киһи этэҥҥэ дьиэтин булан, долгуйа уйадыйан, Артемҥа уонна кини ийэтигэр Светлана Павловнаҕа, оскуола бары учууталларыгар, үлэһиттэригэр махтал тылларын уонна сэмэй бэлэҕин тиэртэ.
Кырдьык даҕаны, былыр былыргыттан айыы киһитэ аһыныгас, күн киһитэ көмүскэс дииллэринии, туох барыта кыраттан, кыраҕа, кыаммакка хайа да түгэҥҥэ болҕомто уурууттан, көмөлөһүүттэн саҕаланар буоллаҕа. Артем маннык элэккэй быһыыта барыбытыгар үтүө быһыы бастыҥ холобура буолара саарбаҕа суох.

Наталия Рязанская.

Читайте дальше