Бэҕэһээ Эмис нэһилиэгэр “Үтүө ааттаах, үлэһит Далбар Хотун” диэн СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна уонна үтүөлээх фермерэ Галина Бубякина сырдык кэриэһигэр анаммыт илин эҥэрдээҕи күрэх түмүктэннэ. Тэрээһин, чахчы, кичэйэн оҥоһуллубута харахха тута быраҕыллар. Хара сарсыардаттан Эмис дьоно бүтүннүү атаҕар туран түбүгүрэн сүпсүгүрдэ. Ыҥырыыны ылынан ыалдьыттаабыт да, сурах хоту истэн кэлбит да үгүс.
Бубякиннар дьиэ кэргэттэрэ Ийэ хотуннарын Галина Ивановнаны аатын үйэтитэр санааларын өйөөн, Эмис дьаһалтата, улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениета, бааһынай хаһаайыстыбалар уонна эҥинэ элбэх тэрилтэлэр саба түһэн тэрийдилэр. Маҥнай, олус килэтэн-халытан буолбакка, сэмэйдик бүөмнээн аҕыйах хаһаайыстыба кыттыылаах ыытар санаалаахтар эбит да, атын улуустартан Галина Ивановналыын алтыспыт дьон ытыктаан, “кыттабыт да сабаас” диэннэр илин эҥэрдээҕи күрэххэ кубулуйда. Уус алданнар, чурапчылар идэһэ үгэнигэр ыктаран кэлиминэ хааллылар, “күрэҕи атын күҥҥэ көһөрүҥ” диэн көрдөһөн көрбүттэрин бото-болдьоҕо быһаарыллыбыт тэрээһини уталытар табыллыбата. Ол оннугар, Тааттаттан уонна Мэҥэ Хаҥаластан үс хамаанда кытынна. Улууспутуттан Амма, Сэргэ Бэс, Бөтүҥ, Алтан, Сатаҕай нэһилиэгиттэн кэллилэр.
Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин сүөһүнү иитиигэ уонна кооперацияҕа Департаменын салайааччытын солбуйааччы Айаал Тимофеев тэрээһини бэрт кэрэхсии ылынна. Кини: “Маннык хабааннаах, аҥардастыы соҕотох киһиэхэ анаммыт күрэх Саха сиригэр аан бастакытын ыытыллар. Үлэһит киһи аатын үйэтитэр үтүө үгэһи олохсутар холобуру атын да улуустар ылыныахтара. Итиэннэ, улаханнык эрэннэрбэппин эрээри, Галина Бубякина аатынан фермердэр икки ардыларыгар күрэҕи эһиил өрөспүүбүлүкэ таһымнаах ыытар туһунан толкуйдаан көрүөхпүт”, — диэн эттэ. Эмис нэһилиэгин аҕа баһылыга Прокопий Бубякин ити тылларга сөбүлэһэн, үлэлииргэ бэлэмин биллэрдэ.
Икки күрэх тэҥинэн барда. Эмис кулуубугар “Далбар Хотун” күөн күрэскэ сэттэ дьахтар кытынна. Дьүүллүүр сүбэ манна хотуттар тыа хаһаайыстыбатын сайдарыгар көмөлөөх биисинэс-бырайыактарын сыа-сым курдук ырытан сыаналаата, дьахталлар дьоҕурдарын, астаах сандалыларын, таҥастарын-саптарын көрөн-истэн бастыҥы быһаарда. Хас түһүмэх аайы хайҕанан күрэх “Далбар Хотуна” үрдүк ааты Эмистэн Туйаара Устинова ылла. Киниэхэ Бубякиннар дьиэ кэргэттэрин аҕа баһылыга Афанасий Бубякин туруорбут убаһатын биэрдилэр.
Идэһэ күрэҕэр үстүү киһилээх тоҕус хамаанда кытынна. Сыана быһарга асчыттар төһө түргэннэригэр, иһин-үөһүн төһө ыраастык сууйалларыгар, этин эттииллэригэр болҕойдулар.
Хамаандалар бары тэҥ баайыылаах буолан түргэннэрэ-тарҕаннара сүр. “Чэ” диэттэрин кытары бары биир-икки охсуунан суулларан, тириитин сүлэн тэлэкэчитэн бардылар. Бастакынан, сүөһүлэрин чаас аҥара курдугунан астаан, Мэҥэ Хаҥалас Балыктаах нэһилиэгиттэн сылдьар хамаанда кыайда. Чахчы, идэһэҕэ үөрүйэх бөтөстөр түбэһэн хотуох дьон хотто. Ким тугу гынарын үллэстэн, көрүөххэ астыктык туттан астыыр дьон буолан биэрдилэр. “Уулаах сүөһү түбэһэн арыый уһаан хааллыбыт”, — диэн дьонуҥ өссө бириэмэлэрин мыынар тыллаахтар. Дойдуларыгар ыҥырыкка сылдьар сүөһү астааччылар эбит.
Сиһилии “Амма олоҕо” хаһыат кэлэр нүөмэригэр ааҕыҥ.
Олег Егоров.