Сулҕаччы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, тыыл, үлэ бэтэрээнэ, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын бочуоттаах бэтэрээнэ, «Үлэҕэ килбиэнин иһин», «Килбиэннээх үлэ», «Ийэ албан аата» мэтээллэр хаһаайкалара, ытык киһи Рязанская Елена Григорьевна бу дьыл 90 сааһын томточчу туолла.
Елена Григорьевна 1933 с. Старостиннар диэн улахан дьиэ кэргэҥҥэ Чурапчы улууһун, Одьулуун нэһилиэгэр, «Ньургуһуннаах» алааһыгар 1933 с. самаан сайын сатыылаан турдаҕына күн сирин көрбүтэ. Төрөппүттэрэ «Трактор» колхоз чилиэннэрэ этилэр.
Елена Григорьевна Мындаҕаайы оскуолатын 7 кылааһын бүтэрбитэ, комсомолка, активистка этэ. Оскуола кэнниттэн 2 сыл ньирэй көрөөччүнэн таһаарыылаахтык үлэлээн, Чурапчы улууһун бастыҥ үлэһит ыччаттарын делегациятыгар киирэн, 1957 с. Саха АССР төрүттэммитэ 35 сылыгар аналлаах 1-кы ыччат фестивалыгар кыттыыны ылбыта. Онтон 1958 сыл Сулҕаччы нэһилиэгин биир бастыҥ ыччата Рязанскай Николай Афанасьевичка кэргэн тахсан, Амма улууһугар кийиит кыыс буолан сүктэн кэлбитэ. Ол кэмтэн ылан номнуо 65 сыл ааста.
Сулҕаччыга фермаҕа ыанньыксытынан үлэлээбитэ. Бастаан Сэргэ-Бэс учаастагар, онтон салгыы Сулҕаччыга «Түүйэ» фермаҕа. Кини үлэлээбитин тухары өрүү бастыҥнар кэккэлэригэр сылльыбыта. Ол курдук хас да төгүл «Социалистическай күрэхтэһии кыайыылааҕа» бэлиэнэн, элбэх грамоталарынан наҕараадаламмыта. Бастыҥ үлэлээх ыанньыксыт 2 төгүл, 1966 сыллаахха Ленин аатынан колхозтан уонна 1980-с сыллаахха Строд аатынан совхозтан дойду тэбэр сүрэҕэр улуу Москва куоракка баран норуот хаһаайыстыбатын бастыҥнарын быыстапкатыгар кыттар чиэскэ тиксибитэ. Елена Григорьевна үлэлээбитин тухары үгүс эдэр ыччаты ыанньыксыт идэтигэр уһуйбута, үөрэппитэ, такайбыта. Ыччат наставнига, ферма старшайа. 1980-1981 сылларга кини старшайдыыр ыччат-комсомольскай Түүйэ (ЫБСЛКС 19-с съеһин аатынан) ферма коллектива тутуспутунан Амма оройуонугар уонна өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастакынан 1-дии ынахтан 2000-н тахса киилэ үүтү ыан киэҥник аатырбыта. Онтон Сулҕаччы отделениета (управляющай Попова Аграфена Федоровна) Бүтүн Союзтааҕы социалистическай күрэхтэһиигэ кыайан Кыһыл вымпелынан наҕараадаламмыта уонна ССРС 15 бастыҥ үүт-товарнай фермалаларын иһигэр ааттаммыта.
Елена Григорьевна оччотооҕу бииргэ үлээбит дьонун, кырдьаҕастарын, оскуоланы саҥа бүтэрэн, ферма ыарахан үлэтиттэн чугуйбакка үлэлээбит эдэркээн кыргыттары өрүү сөҕө-махтайа истиҥник саныыр. «Үлэ -чиэс-бочуот, «Үлэ — үүнэр сайдар суол» диэн лозуннаах кэмҥэ үлэлээбит ытык кырдьаҕас үлэни уонна үлэһит дьону олоҕун устатын тухары сыаналыыр, оҕолоругар холобур оҥостор. Елена Григорьевна 5 оҕото бары үөрэхтээх дьон буоллулар, бэйэлэрэ ыал ийэлэрэ, эбэлэрэ, эһэлэрэ.
Ол курдук улахан кыыс Екатерина Николаевна Павлова СР үөрэҕириитин туйгуна, английскай тыл учуутала, спортсменка, хайыһардьыт, РФ бэтэрээннэргэ 3 төгүллээх чемпионката, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа, Чурапчы Мындаҕаайытыгар олорор. Иккис кыыс Марианна Николаевна Брагина идэтинэн геолог, Алдаҥҥа үлэлиир, кэргэн тахсан Московскай уобалас, Волоколамск куоратыгар олохсуйан олорор. Орто кыыс Саргылана Николаевна СӨ үөрэҕириитин туйгуна, «Учууталлар учууталлара» бэлиэ хаһаайката, уруһуй уонна черчение учуутала. Кыра кыыс Полина Николаевна фельдшер идэлээх, Дьокуускайга олорор, үлэлиир. Уола Николай Николаевич Рязанскай СӨ култууратын туйгуна, Амма улууһун бочуоттаах олохтооҕо, биллиилээх художник, РФ худуоһунньуктарын айар сойууһун чилиэнэ. Бу соторутааҕыта Москванан, Санкт Петербург куораттарга үлэлэрин быыстапката арыллан, билигин да үлэлии турар. Елена Григорьевна Рязанская үлэттэн дьолломмут, үлэни өрө туппут биһиги нэһилиэкпит ытык кырдьаҕастарыттан биирдэстэрэ, 90 сааһын томточчу туолан, оҕолорун, сиэннэрин, хос сиэннэрин ортотугар сылаастык, сымнаҕастык, кырдьар диэни билиммэккэ, кэпсии-ипсии, үөрэ-көтө олороругар баҕарабыт.