Биир дойдулаахпыт, Дьокуускайдааҕы М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Олоҥхо научнай-чинчийэр үнүстүүтүн «Лингвофольклористика» сиэктэрин салайааччыта, тыл билимин хандьыдаата Юрий Борисов олоҥхото саҥалыы тыыннанан күн сирин көрдө. Эдэр олоҥхоһут 2015 с. Чурапчыга ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын олоҥхону толорооччулар күөн-күрэстэрин Гран-При кыайыылааҕа, 2015 с. наука уонна техника эйгэтигэр академик В.П. Ларионов аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата буолар. 2017 с. Саха Өрөспүүбүлүкэтин ыччат бэлиитикэтин туйгунун, онтон 2019 с. Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна ааттары сүкпүтэ. Талааннаах ыччаппыт бу аҕыйах хонуктааҕыта «Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр» диэн олоҥхотун кинигэтэ иккис төгүлүн, букатын аныгы кэмҥэ сөп түбэһиннэрэн, саҥардыллан күн сирин көрдө. Ааптар бу сыралаах үлэтин чуолаан ыччат дьон олоҥхо алыптаах эйгэтигэр киирэригэр тирэх буоллун диэн аныыр. Санатар буоллахха, ааптар бу олоҥхото аан бастаан 2014 сыллаахха Олоҥхо үнүстүүтэ үбүлээһининэн, «Сайдам» кинигэ кыһатыгар тахсан турар. Оттон быйылгы үлэни М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Олоҥхо научнай-чинчийэр үнүстүүтүн Учуонай сэбиэтэ бэчээккэ бигэргэтэн таһаартарда. Кинигэ «Айар» киин оҕо-аймах уонна үөрэх кинигэтин кыһатын салайааччыта Марина Георгиевна Никифорова салалтатынан таҕыста. Оччотооҕу уонна билиҥҥи таһаарыылар иккиэн ис хоһоон өттүнэн уратылаһаллар. Ол курдук, олоҥхо бастакы тахсыбыт кинигэтигэр аҥаардас олоҥхо тиэкиһэ уонна олоҥхоһут биир дойдулааҕа Кыыма Николаевна Жиркова олоҥхо ис хоһоонун уруһуйдаабыт уруһуйдара киирбиттэрэ. Оттон бу саҥардыллыбыт таһаарыыга олоҥхо тыла-өһө эбии тупсарыллан, чочуллан, аныгы кэм ирдэбилигэр толору эппиэттиир гына ааҕааччы киэҥ араҥатыгар таҕыста. Киирии тылы Юрий учуутала, кэллиэгэтэ, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн культурологияҕа хаапыдыратын бэрэпиэссэрэ, педагогика билимин хандьыдаата, дассыан, «Хомуһун» уһуйаан салайааччыта Галина Семеновна Попова-Санаайа суруйда.
Үүнэн иһэр кэнчээри ыччат олоҥхо тылын өйдүүрэ, ылынара уустук. Ол иһин ааптар «Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр» диэн олоҥхотун саҥа таһаарыытыгар үгүс тыллары быһааран комментарий оҥордо. Ону таһынан анал ааттар ыйынньыктара уонна кылгатыылар бааллар. Манна оҕоҕо саамай кэрэхсэбиллээҕинэн уонна туһалааҕынан олоҥхо уруһуйа буолар. Бу ордук оҕоҕо тиийимтиэ уонна интэриэһинэй. Ону таһынан быйыл В.Г. Короленко аатын сүгэр Амма 1 №-дээх орто оскуолатын 8 «Б» кылааһын үөрэнээччилэрин уонна «Сир симэҕэ» РФ образцовай ансаамбылын күүһүнэн «Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр» олоҥхо улуус улахан сыанатыгар – Федот Потапов аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр музыкальнай-хореографическай испэктээк быһыытынан турбута. Бырайыак ааптара Ньургустаана Николаевна Тылбыкова, режиссер Марианна Васильевна Ефимова буолбуттара. Дьэ бу испэктээк уһуллуута кинигэҕэ куйаар куодунан киирдэ. Маны сэргэ Амматааҕы А.А. Черемных аатынан оҕо ускуустубутатын оскуолатын уруһуйга уһуйааччыта Кыыма Жиркова уруһуйдарын аннытыгар эмиэ куйаар куоттар турдулар. Ааҕааччы бу куйаар куодунан олоҥхо ис хоһоонун испэктээк быһыытынан көрөр. Итиэннэ олоҥхону көннөрү ааҕан эрэ буолбакка ыллыан-туойуон, олоҥхолуон баҕалаах киһи олоҥхону толоруу холобурдарын истиэн сөп. Юрий Борисов олоҥхо 18 ырыатын эт куолаһынан толоруута кинигэҕэ аудио быһыытынан киирдэ. Ырыалар үгүстэрэ сэһэннээхтэр. Кини ырыаны тута ыллаан киирэн барбакка оргууй аҕайдык олоҥхо сэһэниттэн саҕалыыр уонна дьиэрэтиитин дьиэрэтэн баран, ырыатын ыллаан иһитиннэрэр. Олоҥхо ис хоһооно туох ханнык иннинэ орто дойду айыллыытын сэһэниттэн саҕаланар уонна олоҥхо түмүгэ диэн сэһэнинэн бэриллэр. Ол быыһыгар ааптар айымньы сүрүн персонажтарын биирдии ырыаларын матыыптарынан киллэртээтэ. Онон, биир дойдулаахпыт, эдэр олоҥхоһут уонна олоҥхону чинчийээччи Юрий Борисов айар үлэтин кытта билсэргитигэр ыҥырабыт уонна Юрийга ситиһиилэри баҕарабыт.
Артем ОСИПОВ