Сэргэ Бэс бөһүөлэгин олохтоохторо кыралыын-улаханныын быыбар күнүн улахан, түмсүүлээх үлэнэн көрүстүлэр. Аҕа саастаах дьон ыччаттарга дойдуга бэриниилээх буолуу, патриоттуу сыһыан диэн тугун бэйэ холобурунан көрдөрдүлэр.
Дьахтар кэмитиэтин уонна түөлбэ салайааччыларын көҕүлээһиннэринэн Сэргэ Бэстэр бука бары кыайыылаах-хотуулаах субуотунньукка таҕыстылар. Нэһилиэнньэ теплотрасса оҥоһуллубутун кэннэ хаалбыт бөҕү хомуйан свалкаҕа тиэйдэ.
Оттон М. Сибиряков аатынан оскуола үөрэнээччилэрэ «Ыраас уу» диэн бүтүн Россиятааҕы акцияҕа кыттыһан өрүс биэрэгин үрдүн уонна киин уулусса бөхтөрүн хомуйдулар.
Ити курдук Сэргэ Бэс олохтоохторугар балаҕан ыйын 18 күнэ көхтөөх, иллээх уонна туһалаах үлэнэн ааста.
«Амма олоҕо» хаһыат.












