Бүгүн, кулун тутар 15 күнүгэр, Амма лиссиэйин үөрэнээччилэрэ, «Үрдэл» оҕо тэрилтэтин активистара, салайааччылара Бураева Зинаида Ивановналыын Людмила Романовна, Михаил Афанасьевич Оконешниковтарга кэлэн, хаар түһэрэн, олус көхтөөхтүк үлэлээн, улахан көмөнү оҥорон бардылар.
Дьиэ хаһаайына Михаил Афанасьевич оҕолор үтүө быһыыларыттан үөрүүтэ муҥура суох буолла. Үрдэллэри олус хайгаан, сиртэн халлааҥҥа дылы махталын тиэртэ уонна эдэр дьоҥҥо күн сиригэр баар бары үчүгэйи баҕара хаалла.
Наталия Рязанская.