Баһылыктар планеркаларыгар уон боппуруоһу көрдүлэр

Бүгүн улуус баһылыга Степан Кузьмин нэһилиэк баһылыктарын, кинилэр солбуйааччыларын кытары көрсөн мунньахтаата. Унньуктаах уһун мунньахха уон боппуруоһу сыымайдаан ырыттылар. Дьэ ханнык боппуруостар олохтоох бэйэни салайыныы туһааннаах мунньаҕар турдулар?


Бастакынан, экэниэмикэ управлениетын салайааччы Ольга Слепцова “Энергоэффективность” туһунан киэҥ-куоҥ дакылаат оҥордо. Салгыы тыа хаһаайыстыбатын управлениетыттан салайааччы солбуйааччыта Алексей Шишигин кыстыкка төһө бэлэмнэрин билиһиннэрдэ. Алексей Васильевич үчүгэй үүнүүлээх дьыл кэлэн оту баһаам баспыттарын, бурдугу хото быспыттарын эттэ.

“Былааннарбытын барытын куота толороммут 1500-2000 туонна оту улуус таһыгар атыылыыр санаалаахпыт. Бурдугунан дьарыктанар хаһаайыстыбалартан “Амма” АУо 100 туоннаны, “Абаҕа” ХЭТ 50 туонна бурдугу удамыр сыанаҕа атыылыыр былааннаахтар”, диэн этэр.

Быйыл сэлээркэ, бензин сыаната ыараабытынан, бурдугу атыылыыр хаһаайыстыбалар нэһилиэктэргэ илдьэн биэрэр сыаналарын үрдэтиэхтэрин сөп диэн Алексей Шишигин сэрэттэ. Баһылыктар от сыанатын сураспыттарыгар, Шишигин бу кэмнэргэ: “Быһа холоон биир туонната 7-8 тыһыынча солкуобай буолуоҕа, саас 10-12 тыһыынчаҕа тиийэ үрдүөҕэ”, — диэн сабаҕалаата. Күһүммүт өтөрүнэн хаһан да уһаабатаҕын уһаан, аны саас улахан хатааһыннар буолуохтарын сөп. Онон, баһылыктар кыстык астарын ыараҥнатан көрөн, бурдугу, оту эрдэ сылла эбии хаһаанан кэбиһэллэригэр улуус баһылыга Степан Кузьмин ыҥырда. Маны сэргэ Алексей Васильевич идэһэ күнүн туһунан иһитиннэрбититтэн биллэххэ, Идэһэ бырааһынньыгын олохтообут улуус урукку кулубата, дьокутаата, билиҥҥитэ норуот суруйааччыта Дмитрий Наумов үбүлүөйдээх 75 сааһыгар ананан сэтинньи 18  күнүгэр  буолара күүтүллэр.
“Уһук илиҥҥи гектар” диэн аҕыйах сылтан бэттэх сири күн талбыт сиргэр биэрэр бырагыраамма туһунан КУМИ салайааччыта Валентин Петров кэпсээтэ. Аммаҕа сир ылыан баҕалаах үрдэ суох эбит:

“Аммаҕа сир былдьаһык. Улууспутугар 2777 сайаапка киирбититтэн 52%-гар дуогабар түһэрсэн сир анаан олоробут. Онон, сыллааҕы былааммытын 160% толороммут, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 3-4 миэстэҕэ сылдьабыт. Сорох сайаапкалары биэрэн баран салгыы докумуоннаспакка сылдьааччылар эмиэ бааллар. Оннук 500-чэ сайаапка баар, балары кытары дуогабары көтүрэрбитигэр күһэллэбит”, — диэн иһитиннэрдэ.

Салгыы сиргэ сыһыаннаах боппуруоһунан Архитектура уонна градостроительство отделын сүрүн исписэлииһэ Айыына Петрова уонна ЫБМ  хамыыһыйатын солбуйааччы Эдуард Прокопьев баһылыктары нэһилиэктэрин генеральнай былааннарын оҥоро охсоллоругар ыксаттылар. Билиҥҥи былааннар 2011-2012 сылларга оҥоһуллубут буоланнар баһаарынай минполосалар киллэриллибэтэхтэр, онон баһылыктар бүддьүөттэриттэн үбүлээн генбылааннарын саҥардалларыгар ыҥырдылар.
Дьэллик ыттары харайыыга федеральнай сокуон модьуйар ирдэбилин туһунан улуус административнай хамыыһыйатын сэкэрэтээрэ Анатолий Стручков билиһиннэрдэ.

Сокуон саҥа ыстатыйатынан хаһаайына суох ыттар иһин эппиэтинэһи олохтоох дьаһалта сүгэр диэн. Билигин улууска бэйдиэ сылдьар ыттары тутар анал приюттаах Амма нэһилиэгэ эрэ баар. Ыттарынан быһаччы дьарыктанар урбаанньыт Антонина Птицына. Ыты тутар пууну аҕыйах сыллааҕыта арыйбыттара. Манна Амма нэһилиэгин баһылыга Михаил Артемьев этэринэн, ыты тутар пууну арыйарга нэһилиэк баһылыктара көрүүгэ-истиигэ бүддьүөттэриттэн харчы тыыран көрүөх буолан эрэннэрэн бараннар, күн бүгүҥҥээҥэ диэри биир да баһылык харчы ыыппакка сылдьар. Приют алдьанан-кээһэнэн абырахтанара ирдэнэр, итиэннэ салгыы кэҥэтэргэ уолдьаста диэн буолла. Баһылыктар ыттары тутарга сайаапка түһэрдэллэр эрэ приют үлэһиттэрэ нэһилиэктэргэ тахсан тиэйэн киллэрэргэ бэлэмнэр эбит да, содержаниеҕа харчы суоҕуттан иҥнэллэр. Аны, бииринэн ыраах нэһилиэктэртэн ыты Аммаҕа аҕалан хаайан баран, сокуон ирдииринэн, отут күнүнэн көҥүл ыытыахтаахтаахтар. Оччотугар приют үлэһиттэрэ ыттары төттөрү-таары хатааһылаталларыгар хара баһаам ороскуоту көрсөллөрүгэр тиийэллэр. Онон, содержаниеҕа нэһилиэк баһылыктара кыттыһаллара хайаан да табыллар диэн эттилэр. Улуус баһылыга Степан Кузьмин хас биирдии нэһилиэк баһылыга эһиилги бүддьүөтүттэн 50 тыһыынча солкуобайы көрөрүгэр ыҥырда.  Кииннэммит бухгалтерия салайааччыта Роман Алексеев Арассыыйа Үбүн министиэристибэтэ 2021 cыллаахха муус устар ыйга таһаарбыт 61н №-дээх бирикээһигэр олоҕуран 2024 сылтан бюджеттан үбүлэнэр тэрилтэлэргэ докумуон электроннай эргиирэ булгуччулаах буоларынан, баһылыктар бэйэлэрэ исписэлиистэрин кытта эмиэ үөрэниэхтэрин наадатын, ол үөрэх босхо буоларын иһитиннэрдэ.
Салгыы “Россельхозбаан” салайааччыта Анна Макарова баан аахсыйа бөҕөтүн ыыта олорорун кэпсээбитин быыһыгар, биэнсийэҕитин биһиги бааммытыгар көһөрөн ылыҥ диэн ыҥырда. Амматааҕы ИДьО салайааччытын солбуйааччы Николай Турантаев ааспыт сылга холоотоххо буруйу оҥоруу обургутук аччаабытын, ол оннугар ыар буруйу оҥоруу ахсаана былырыыҥҥытааҕар элбээбит.

Былырыын уопсайа 96 буруй оҥоһуллубут буоллаҕына, быйыл 76 буолбут. Николай Владимирович мобильнай массыанньыктар үүнэ-тэһиинэ суох элбээбиттэрин бэлиэтээтэ. Быйыл дьону албыннаан харчыларын устууттан хоромуньу 2 мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэспит эбит. Онон, нэһилиэк баһылыктара олохтоохторго өйдөтүү, сэрэтии үлэтин күүһүрдэллэригэр ыҥырда.

Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии хаамыытын култуура уонна норуот айымньытын  управлениетын салайааччы Иван Иванов сырдатта. Кини ыһыаҕы тэрийэр былаан торумун Бырабыыталыстыба таһымыгар таһаараннар, бэрэссэдээтэл солбуйааччыта Сергей Местниковка бигэргэтиигэ биэрбиттэрин иһитиннэрдэ. Иван Федорович “Олоҥхо ыһыаҕа бэс ыйын 20-21 күннэригэр буолуоҕа, онон нэһилиэктэр ыһыахтары бу иннинэ оҥорумаҥ”, — диэн ыҥырда. Толкуй быһыытынан, Олоҥхо ыһыаҕар хас биирдии нэһилиэк баһылыга сахалыы таҥаһын тиирэ кэтэн ыҥыырдаах атынан киириэхтээх. Иван Федорович баһылыктар аттарын симэҕин, киэргэлин кичэйэн оҥостон, таҥастарын-саптарын үчүгэйдик бэринэн, дьоһууннарын түһэрбэт дьоһун саха таҥаһын тиктэрэллэригэр сүбэлээтэ. Түмүккэ Иван Федорович нэһилиэк баһылыктарын тумус туттар дьонун — олоҥхоһуттарын, тойуксуттарын, ырыаһыттарын аатынан куонкурустарга анал бириистэри олохтуулларыгар баҕа санаатын тириэртэ.

Олег ЕГОРОВ