Амматааҕы эдэр натуралистар станцияларыгар өссө биир сыралаах, үлүскэн үлэлээх сайыҥҥы кэм түмүктэннэ. Иитээччилэр даҕаны, оҕолор даҕаны тиритэ-хорута элбэҕи үлэлээтилэр, ситиһиилэр даҕаны добуоччулар. Бу туһунан Амматааҕы эдэр натуралистар ыстаансыйаларын методиһа Матрена Афанасьевна Караканова сиһилии сырдатар.
— Быйыл оҕолору кытта бааһынабытыгар хаппыыста, хортуоппуй, оҕурсуу, аһаҕас сиргэ үүнэр помидор хото олордубуппут. Күһүн хортуоппуй, хаппыыста үүнүүлэрэ үөртүлэр, урукку дьыллааҕар быдан тупсаҕай. Оттон помидор уонна оҕурсуу үүнүүтэ онтон арыый намыһах. Үүнүүбүтүн барытын хомуйан атыыга таһаардыбыт.
Оҕуруот аһын үүннэриитинэн дьарыктанарбыт таһынан Наталья Степановна Гаврильева салайар оскуола оҕолоругар аналлаах “Ыҥырыаны иитии” (Юный пчеловод) диэн куруһуок үлэлээтэ. Быйыл Дьокуускайга оҕолору илдьэ “Оскуолатааҕы бизнес инкубатор” диэн анал быыстапкаҕа аан бастакытын кыттан бэйэбитин холонон көрдүбүт. Бу оҕолору чуолаан предпринимательствоҕа үөрэтэр аналлаах. Быыстапкаҕа оҕолору кытта мүөт, чэй наборун, ньээм оттон кофе араас көрүҥүн уонна арыыны оҥордубут Маны тэҥэ кэтэхтэн ыытыллар оҕуруот аһын үүннээриитин өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапкатыгар ситиһиилээхтик кытынныбыт. Ол курдук, оҕуруот аһын үүннэриигэ иккис миэстэ, оттон декоративнай сибэкки үүннэриигэ, ландшафтнай дизайн көрүҥэр уонна эмтээх үүнээйилэргэ кыайыылаах таҕыстыбыт.
Артем Осипов.