Эмис нэһилиэгэр “Муҥха олоҥхото” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл буолан ааста. 17-с төгүлүн ыытылыбыт олоҥхону толорор ыччаттар ортолоругар күөн күрэскэ биэс улуус бэртэрэ түмсэн оллоонноон олорон олоҥхолоон доллоһуттулар, тойуктаан доллоһуттулар. Тэрээһини Эмис нэһилиэгин Ийэ олоҥхоһута Түмэппий Чээбий төрөөбүтэ 155 сылыгар анаатылар.
“Муҥха олоҥхото” бэстибээли төрүттээбит, олоҥхону оҕоҕо-ыччакка пропагандалыыр педагогическай билим кандидата, ХИФУ профессора Галина Попова-Санаайа илэ бэйэтинэн кэлэн күрэҕи дьүүллээтэ. Кинини кытары Олоҥхо тыйаатырын үлэһиттэрэ, үөрэх уонна культуура туйгуннара, үтүөлээхтэрэ Зоя Сысолятина, Ульяна Флегонтова ыалдьыттаатылар.
Олоҥхону истии түмүгүнэн анал ааттары иҥэрдилэр. Ол курдук, «Түөлбэ үгэһин утумнааччы» — Альберт Шестаков (Таатта улууһа), «Ыллам ырыалаах толорооччу» — Мира Егорова (Амма улууһа), «Удьуор утумун тутааччы» — Кондратий Герасимов (Уус-Алдан улууһа), «Уһун тыыннаах толорооччу» — Александра Жарина (Амма улууһа), «Хомоҕой тыллаах толорооччу» — Туйаара Шергина (Уус-Алдан улууһа), «Көрөөччүлэр биһирэбиллэрэ» — Варвара Ефимова (Амма улууһа), «Кэскиллээх толорооччу» — Егор Никифоров (Амма улууһа), «Эмис нэһилиэгэ» МТ баһылыгын анал бирииһэ — Айта Васильева (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа).
Итиэннэ уон киһиттэн ордон “Бастыҥ толорооччу” ааты Амматтан Зинаида Бураева (салайаччыта Василиса Баланова) ылла. Эдэр толорооччу Михаил Шараборин “Дуо Бухатыыр” олоҥхотуттан быһа тардыыны олус табыллан, хас биирдии персонаһы уратытык саҥаран-иҥэрэн арыйан биэрэн дьүүллүүр сүбэ үрдүк хайҕалын ылла.
Олоҥхо бэстибээлин нөҥүө күнүгэр Тугулутта Эбэҕэ 170 киһи кыттыылаах атыыр муҥха буолла. Күн киэһэриэр диэри муҥхалааннар хас биирдии кэлбит киһи куул чиэппэрэ собо ылан барда.
Олег ЕГОРОВ.