Оһоҕунан оттунааччыларга, маһы бэлэмнээччилэргэ билиэти биэрэр тэрилтэнэн Амматааҕы ойуур хаһаайыстыбата буолар. Быйылгы сылга төһө киһи билиэт ылла, биир ыалга төһө кууб бэриллэр, туох ирдэнэрий. Бу туһунан билээри ойуур хаһаайыстыбатын тэрилтэтин кытта билистибит.
«Быйылгы сылга киирэн баран бу балаҕан ыйын туругунан улуус үрдүнэн 1300 билиэт мас кэрдэллэригэр диэн чааһынай дьоҥҥо бэрилиннэ. Бу манна аҥардас оттук мас эрэ буолбакка, дьыалабыай мас эмиэ киирэр. Бу иһиттэн Амма нэһилиэгэр 200-чэкэ киһи ылбыта. Маны таһынан маһынан дьарыктанар урбаанньыттар 30 киһи билиэт ылбыта. Дьыалабыай да маһы эрбээччилэр оттор маһы эмиэ бэлэмнииллэр. Биир киһиэхэ бэриллэр норматив чааһынай киһиэхэ 30 куб. Маны таһынан баанньыгар, гараһыгар диэн эмиэ 30 куб ылыан сөп. Маны ыларга хайаатар да олохтоох дьаһалтаттан ыспыраапкалаах буолуохтаах. Кырдьык оһоҕунан оттуллар дьиэлээх, олбуорун иһигэр баанньыктаах, гаражтаах диэн. Бу 30 кубугар кини 800 солк төлүүр. Биһиэхэ билиэт ылыытыгар чэпчэтиилэр көрүллэллэр. Ол курдук сэрии бэтэрээннэригэр, биэнсийэлээхтэргэ, 1-2 группалаах инбэлииттэргэ, ону кытта анал байыаннай дьайыыга сылдьар дьон дьиэ кэргэнигэр 50 бырыһыан чэпчэтэн кинилэр 400 солк төлүүллэр. Өскөтүн киһи бэйэтэ араас биричиинэнэн кыайан тыаҕа тахсан мас бэлэмнээбэт буоллаҕына, билиэтин анал дьарыктанар урбаанньыкка биэриэн сөп. Ол гынан баран кини дуогабардаах киһи буоларынан дэлээнэҕэ эппиэттээх буолар. Ол эбэтэр мас кэрдиллибитин кэнниттэн дэлээнэ ыраастаныллар. Ону сатаан ыраастаабат буоллаҕына, эмиэ урбаанньыты кытта кэпсэтэн, өҥө иһин төлөөн ыраастатыан сөп, — диэн Амматааҕы ойуур хаһаайыстыбатын тыаны туһаныыга инженерэ Иван Никитин быһаарда.
«Амма олоҕо» хаһыат